Арассыыйа бэрэсидьиэнин быыбарыгар кулун тутар 15 күнүгэр Тэҥкэҕэ 74 быыбардааччы баарыттан 55 киһи куолас биэрэн, уопсай көрдөрүү бырыһыана 74,32 буолла.
Ол курдук, олохтоох тэрилтэлэр 100% куоластаатылар. Ытык саастаах дьоммун э көхтөөхтөрүн бу да сырыыга көрдөрөн, эдэр дьоҥҥо холобур буоллулар. Быыбардыыр учаастакка дьиэ кэргэнинэн эмиэ кэлэн куоластарын биэрдилэр. 18 сааһын туолбут эдэр быыбардааччы Вадим Тихоновка минньигэс торт, халандаар туттардыбыт.
Сарсын атыы-эргиэн дьаарбаҥката буолуо.
Бүгүн бары даАрассыыйа бэрэсидьиэнин талыыга биир санаанан кэлэн кыттыбыттара хайҕаллаах.
Светлана ИГНАТЬЕВА