Тэҥкэҕэ ойуур баһаарын умуруорууга үлэ барар

Тэҥкэҕэ күөдьүйбүт ойуур баһаара өрүс нөҥүө, нэһилиэктэн 10-ча килэмиэтир тэйиччи. Манна мобилизованнайдар, Авиалесохрана сотрудниктара уонна Приморьеттан 10 киһи кэлэн баһаары утары охсуһа сылдьаллар.

Барыта быһа холоон 15 галаах сиргэ аһаҕас уот турар. Чугаһынан уу суох буолан, минерализованнай балаһа көмөтүнэн уоту тутуу үлэтэ барар. Бүгүҥҥү күҥҥэ уоту 70% төгүрүттүлэр.

Бүгүн үлэ тэтимин түргэтэргэ  «Беларусь» тыраахтар уонна «МТЛБ» танкетка  көмөҕө тиийдэ. Бу туһунан улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата  телеграм каналыгар суруйар @suntaar_ulus

Манна даҕатан эттэххэ, Приморьеттан кэлбит Авиалесоохрана десантниктара өрөспүүбүлүкэ Бырабыыталыстыбатын суһал штабын быһаарыытынан кэлэн, Тэҥкэҕэ уонна нэһилиэктэртэн ыраах баар баһаардарга үлэлииллэр.

 

Читайте дальше