Быйылгы былааннаммыт үлэлэр сайын устата үлэлэнэн бүттүлэр. Дьон-сэргэ сайын устата оттоон, сир аһын хомуйан, оҕуруот үүннэрэн, сынньанан күһүҥҥү кыстыкка бэлэмнэнии үлэлэрин үмүрэтэллэр.

 

Оттооһун түбүктээх үлэтэ

Сайын барахсан итиитинэн илгийэн, кыратык ардаҕынан маанылаан, оттуурга тоҕоостоох кэм буолла. Нэһилиэк дьоно астына оттоотулар, дьонноругар көмөлөһөн араас сиртэн кэлэн үлэни үмүрүтэ туттулар. Быйылгы оттооһуҥҥа нэһилиэккэ 500 т от былааҥҥа бэриллибитэ. Оттооһун түмүгүнэн, тэриллиилээх хаһаайыстыбалар: Игнатьев Павел Григорьевич ИП – 450 т, Кириллин Анатолий Иванович ИП – 120 т, кэтэх хаһаайыстыбалар – 140 т оттоотулар. Уопсай түмүгүнэн 710 т оттонно, былааны 142% толордубут. Үчүгэй хаачыстыбалаах оттору ыллыбыт, үрдүк көрдөрүү буолла. “Биир күн сылы аһатар” диэн маны этэн эрдэхтэрэ.

 

Үөрэх дьылын көрсө

Быйылгы үөрэх дьылыгар оскуолаҕа 2 оҕо үөрэнэ киирдэ, уопсайа, 4 кылааһынан, 8 оҕо үөрэнэр.  Оскуола иннинээҕи саастаах (2-7 саастаах) 14 оҕо детсадка сылдьар. Мантан эһиил 1 оҕо оскуолаҕа үөрэнэ барыаҕа. Оскуола-саад тэрилтэтигэр, уопсайа, 22 оҕо сылдьар.  Онон инникии кэскилбит элбэҕиттэн үөрэбит.

 

Суол – тыын боппуруос

Урукку кэмнэргэ нэһилиэккэ айан суолун оҥорууга уустуктар бааллара. Ону былырыыҥыттан улуус дьаһалтатын кытта үлэлэһэн, күһүн Бордоҥ-Тэҥкэ икки ардыгар гравийы кутууга үлэ саҕаламмыта. Быйыл бу үлэ ситэриллэн, сорох сирдэргэ кутулунна. Эбии үп көрүлүннэҕинэ, суолу оҥорууга үлэ барыахтаах, ону оҥорорго бэлэм олороллор.

Тэҥкэ хайа үрдүнээҕи суола кэлиҥҥи кэмҥэ ардах, хаар уута түһэн, сыыр өттө сиҥнэн массыыналарга улахан кутталы үөскэппитэ. Маннык балаһыанньаны улууска кэпсээн, көрдөрөн, кэмигэр улуус дьаһалтата үп көрөн, аҕыйах күн иһигэр үлэ тэтимнээхтик ыытыллан,  суол оҥоһулунна. Манна эдэр уолаттарбыт сыыр үрдүнээҕи маһын ыраастаан көмөлөспүттэрэ. Онон улуус дьаһалтатыгар махталбыт муҥура суох. Өссө да суол оҥоруутугар сыл аайы үлэлэһиэхпит диэн бигэ эрэллээхпит.

Кэрэ көстүүлээх искибиэр – Тэҥкэҕэ

Өрөспүүбүлүкэ ыытар куоҥкурустарыгар кыттан, ППМИ бырагырааманан 2 мөл. солк., онно эбии дьаһалта, нэһилиэк 160,0 тыһ. солк. харчы кыттыһан, биэрэк үрдүнээҕи сынньанар искибиэр оҥоһуллан, түмүктэнэн эрэр. Бу искибиэргэ сынньанар хачыаллаах ыскамыайкалардаах, сибэкки арааһын олордор клумбалардаах, Тэҥкэни таптыыр сүрэхтээх, фонтаннаах, уоттаах, о.д.а.  биир ураты хатыламмат искибиэр буолуо. Бу тутуу дириҥ историялаах, кэлин өссө эбии тупсарыллан биэриэҕэ. Бүлүү эбэни көрө олорон, дьон-сэргэ сынньанан, дуоһуйан ааһыаҕа.

«Тэҥкэ – төрүт дойдубут» кинигэ таҕыста

Хас да сыл Тэҥкэ историятын мунньан, элбэх ахтыыны оҥорон, матырыйаал мунньуллан кинигэ таһаарарга сөптөөх буолла диэн ылсан, дьэ, «Тэҥкэ – төрүт дойдубут» диэн кинигэ  тахсыбытын көрөн үөрдүбүт, астынныбыт. Биир ураты кэпсэнэр кинигэ, ис тутула, оҥоһуута сонун буолла.  Кинигэни сүрэхтээһин Тэҥкэ төрүттэммит күнүгэр, алтынньы 5 күнүгэр, Тэҥкэҕэ буолуо, ону тэҥэ Сунтаарга эмиэ ыытыллыа. Үөрүүлээх күҥҥэ Тэҥкэттэн төрүттээх дьоммут кэлиэхтэрэ.

Биир дойдулаахпыт учуонай ыалдьыттаата

Новосибирскай куорат академиятыгар үлэлиир 81саастаах ядернай-физик учуонай Юрий Семенов, кыыһынаан Мария Юрьевнаны кытта  төрөөбүт Тэҥкэлэрин сиригэр кэлэн ыалдьыттаатылар.  Юрий Игнатьевич оскуола кэлэктиибигэр үлэлээбит тэрилтэтин туһунан кинигэни бэлэхтээтэ,  олохтоох дьаһалта кинилэргэ өйдөбүнньүк бэлэх туттарда.

Култуура дьиэтигэр өрөмүөн үлэтэ

Култуура дьиэтин ис өттүн; сыананы, көрөөччү саалатын, киирии сири тэрилтэ үлэһиттэрэ  өрөмүөннээтилэр, ураты көстүүлээх оҥордулар.

Туһалаах бэйэ дьыалатын арыйыы

Тэҥкэҕэ эдэр ыал Лидия, Дьулустаан Кириллиннэр килиэби астаан, нэдиэлэҕэ 2-3-тэ атыыга таһааран, нэһилиэккэ улахан туһалаах дьыаланы ылсыбыттара хайҕаллаах. Сайыҥҥы кэмҥэ, дьон сибиэһэй килиэби ылан, үөрүүлэрэ үгүс. Ылсыбыт дьыалалара өссө сайдан иһиэ диэн эрэллээхпит.

Айылҕа дьикти көстүүтэ

Тэҥкэ кэрэ айылҕатын умсугуйа көрбүт киһи элбэҕэ буолуо. Быйыл саас ыраах үрэх сиргэ икки куба кэлэн олохсуйан, бу сайын биэс оҕолонон, ууһаан сайылаабыттара биир кэрэ көстүү буолла. Бу маннык мааны кубалар олохсуйуулара – сэдэх көстүү.

Тэҥкэ сылын аайы тупсар, саҥа сонун үлэлэри киллэриитэ, дьон-сэргэ олохсуйуута, кэнчээри ыччат элбиирэ кэскили түстүүр. Тэҥкэбит сирэ сайда, чэчирии турдун. Үлэһит дьон үтүөтэ уйгулаах олоҕу түстээтиннэр.

Светлана ИГНАТЬЕВА.

Читайте дальше