Сунтаар улууһугар бүгүҥҥү күн туругунан 3 ойуур баһаара Кэмпэндээйигэ, Милэкэҕэ, Тэҥкэ нэһилиэгин аттыгар бэлиэтэнэр. Сайын устата 21 ойуур баһаара таҕыста, онтон 18 баһаары тустаах байыастар саба туттулар. Баһаардар буола турар сирдэригэр айылҕа көмөлөһөн ардахтар түһэн уот син кыччаабыта бэлиэтэнэр. Ол эрэн Милэкэ өттүгэр уот күүстээхтик күөдьүйэр. Манна уопсайа 59 уоту умулларааччы баһаары икки өттүттэн кэтээн көрөллөр уонна минерализованнай полоса оҥоруу үлэтин ыыталлар. Олохтоох дьоҥҥо Приморскай кыраайтан анал идэлээх десантнай-баһаарынай сулууспа 45 киһитэ көмөлөһөр.
Нэһилиэнньэлээх сиртэн чугас бара турар Тэҥкэ баһаара олохтоох дьону долгутар. Билигин баһаар 10 км. тэйиччи сиргэ күөдьүйэр. Маныаха баһаардар тустарынан иһитиннэриини улуус дьаһалтатын ыксаллаах быһыыга-майгыга хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Николай Александров биэрдэ: “Бүгүҥҥү күн туругунан Тэҥкэ ойуурун баһаарыгар уопсайа 58 киһи үлэлиир. Ону тэҥэ, тиэхиньикэлэр сири хаһан баһаары төгүрүтэллэр. Өссө эбии 25 киһи бу ойуур баһаарыгар үлэлии кэлэрэ күүтүллэр. Бүгүн эбиэт иннинэ Бе-200 амфибия сөмөлүөт баһаарга үлэлээтэ. Чугас эргин күннэргэ Тэҥкэ баһаарын умулларыахпыт”.
Кэмпэндээйигэ Чайыҥдаттан 42 км. тэйиччи баһаарга аҕыйах сиринэн уот күөдьүйэр ону умулларыыга түүннэри-күнүстэри үлэ бара турар.
Мира АФАНАСЬЕВА