«Тарифное агентство» тэрилтэтэ урбаанньыттары кытары үлэ ыытар

Сунтаар улууһугар олох-дьаһах коммунальнай өҥөнү онорор хаһаайыстыба тэрилтэлэрин тарыыбын бигэргэтэр үлэ ыытылла турар. Маны тэҥэ тыын суолталаах эмп препараттарын, социальнай суолталаах ас-үөл табаарын сыанатын кэтээн көрөөһүн үлэтэ барар.

Кэтээн көрүү үлэ түмүгүнэн, урукку кэмҥэ олоҕурбут социальнай суолталаах ас-үөл табаарын сыанатыгар эбиллиэхтээх бырыһыана экономическай суот өттүнэн тоҕооһо суоҕун учуоттаан, нэһилиэнньэҕэ уонна урбаанньыттарга сөптөөх надбавка бигэргэниэхтээҕин бэлиэтээн үөрэтии ыытыллар.

Ол курдук, алтынньы  27 күнүгэр Сунтаар улууһун баһылыгын экономикаҕа солбуйааччы, улуус координационнай сүбэтин бэрэссэдээтэлэ Борис Васильев, Сунтаардааҕы “Тарифное агентство” судаарыстыбаннай казеннай тэрилтэ сүрүннүүр экономиһа Тимур Иванов, координационнай сүбэ чилиэннэрэ — Сунтаардааҕы АКБ «Алмазэргиэнбанк» салайааччыта Эллада Николаева, улуус дьаһалтатын экономикаҕа сүрүннүүр исписэлииһэ Туйаара Михайлова урбаанньыттары кытта көрүстүлэр.  Ону таһынан кыттыыны ыллылар “Татыйыына” пиирмэ, “Корона”, “Туймаада”, “Алина” маҕаһыыннар бэрэстэбиитэллэрэ кытыннылар.

Сүбэ мунньахха саҥа табаарынай надбавка бырыһыана уларыйарыгар расчет үлэтэ ыытылла турар үлэни кытта билиһиннэрдилэр уонна онно табаар харайыытыгар, тиэйиитигэр урбаанньыттар төһө ороскуоттары көрсөллөрүн учуоттаары туоһулуур докумуоннары ирдээтилэр.

Бу эбиллиэхтээх надбавка бырыһыанын расчетун СӨ Сыанаҕа политикатын Судаарыстыбаннай комитета,  “Тарифное агентство” ГКУ уонна СӨ Научнай-чинчийэр институт үлэһиттэрэ суоттуохтара.

“Сунтаар сонуннара” хаһыат