Билиҥҥи саҥа үйэ кэмигэр ырыынак усулуобуйатыгар олорорбутун бары өйдүөх тустаахпыт. Холобур, табаар, бородуукта, оҥоһуллар өҥө сыанатын судаарыстыба олохтообот. Оҥорон таһаарар тэриниилээх хаһаайыстыбалары, урбаанньыттары өйөөн ырыынак экономикатын көҥүл ыытан турар. Ол эрэн социальнай суолталаах табаардары уонна тыын суолталаах эмтэри, чэпчэтиилээх тарифтары уо.д.а сүрүннүүр уонна хонтуруоллуур.
Уот тарибын сыаната дойдубут регионнарыгар, муниципалитеттарыгар араастаһар. Бу манна элбэх сабыдыаллыыр төрүөт баар, чуолаан уот станцията оҥорон таһаарар ороскуота. Тэрилтэ уоту туттар ороскуотун ааҕан таһаарыыта, түмүгэр ханнык туһанааччыга уот станциятыттан оҥоһуллан тахсан барбыта, үөскүүр ситиминэн буолар арааһынай оттугунан туттуу – бу барыта уот сыанатыгар дьайар. Онон манна сыананы атын куораттары кытта тэҥнээн көрүү сыыһа буолуо дии саныыбын. Холобур, Иркутскай уобалас гидроэлектростанцията элбэх, Саха сиринээҕэр хас эмэ төгүл элбэх уотунан туттар тэрилтэлээх, собуоттаах, фабрикалардаах уонна чөкө сирдээх.
Саха сирин киин уонна арҕаа улуустарыгар генерирующай тэрилтэлэр энергияны оптовай ырыынактан ылаллар. «Якутскэнерго» ПАО ону ол оптовай ырыынактан ылан туһанааччыларга үллэрэр. Ол ороскуоттарыгар киирэр: транспортировката, уот күүһүн тэҥнээһинэ уо.д.а түүннэри-күнүстэри көрсөр үлэлэр, ол барыта тарифка дьайар.
Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн уот биир ставкалаах тариба билиҥҥи кэмҥэ нэһилиэнньэҕэ барытыгар тэҥ, тыа олохтоохторугар чэпчэтиллибит тариф 5,53 солк., уотунан ититинэр биир этээстээх дьиэ – 1,16 солк., икки этээстээх – 1,41 солкуобай. Чэпчэтиилээх тариф этээһинэн араастаһыыта барыта нормативка олоҕуран оҥоһуллар, төлөбүрү нормативынан аахтахха 1 кв. м сыаната тэҥ буолар.
2024 сыл от ыйын 1 күнүгэр, коммунальнай өҥөҕө тариф араас тэтиминэн үрдүөн сөп. Төлөбүр орто кээмэйэ 9 %-ҥа тиийэ былааннанар, тариф орто индексанан эбэтэр орто кээмэйдээҕэр улахан да буолуон сөп. Тоҕо диэтэххэ, барыта нормативка олоҕуран, туттуллубут эниэргийэ көрдөрүүтүнэн тариф төлөбүрэ оҥоһуллан тахсар. Уопсайынан, коммунальнай өҥөлөр төлөбүрдэригэр ититии төлөбүрэ үрдүк, атын өҥөлөр киэннэрэ кыра буолар.
Бензин сыанатын үрдээһинигэр тохтоон ааһар буоллахха, 2023 с. балаҕан ыйыгар РФ Бырабыыталыстыбата дойдубут ис ырыынагар ньиэп бородууктатын сыаната үрдээһинин тохтоторго дьаһал ылыммыта. Оччотугар олохтоох дьоҥҥо тута ыйытык үөскээн тахсар: тоҕо ол үлүгэр дьаһал баарын үрдүнэн сыана үрдээтэ?
Биһиги поставщиктарбыт бу дьаһал тахсыан иннинэ, муус устар уонна атырдьах ыйдарга сыана үрдээһинигэр, Санкт-Петербурдааҕы аан дойду табаарынай-сырьевой биржатыттан ылбыттар, ол иһин поставщиктарга улахан сабыдыалы оҥордо. Сыана үрдээбитин кэннэ ылыллыбыт буолан, навигация кэмигэр тиэйэн аҕалалларыгар, ГСМ харайыллыытыгар элбэх ороскуоту көрүстүлэр. Тэрилтэни ночоокко ыыппат туһуттан бензин сыанатын үрдэттилэр.
2023 сылга Аи-92 атыыланар сыаната ортотунан өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн от ыйыгар 6%; алтынньы ыйыга 7,3% үрдээтэ.
Тимур ИВАНОВ, тариф агентствотын исписэлииһэ.