Таҥха кэмэ тохсунньу 7-19 күнүгэр диэри ыытыллар. Сахаларга тохсунньу ый — 9 сыыппара буолар. «Тоҕус» сыыппара сахаларга быдан чугас уонна иччилээх, айылҕалаах (сакральнай). Тохсунньуга тымныы муҥутаан түһэр. Сүллүүкүттэр ойбонтон орто дойдуга тахсан күүлэйдиир, оонньуур-көрүлүүр кэмнэрэ. Ону тэҥэ, үрдүк мэҥэ халлаан иччилэрэ сиргэ чугаһыыллар. Ол иһин да буолуо, дьон бу кэмҥэ иччилээх түүллэри түһүүр, инникини өтө көрөөһүн күүһүрэр.
Таҥха кэмигэр урууну, ыал буолууну оҥорботтор, сууйуллубут таҥаһы таһырдьа ыйаабаттар, этиспэттэр, улаханнык саҥарсыбаттар, киһини хомоппоттор, куһаҕаны, дьулааны оҥорботтор. Бу этиллибити тутуспатаххына саҥа сылга элбэх мэһэйи, олоҕун табыллыа суоҕун сөп диэн өбүгэлэрбит этэллэрэ.
Бүгүн боростуой тэриллэринэн судургу таҥхалааһын туһунан ааҕааччыларбыт билиилэрин үллэстэллэр. Бу ыйыллыбыт таҥханы элбэх да буолан соҕотохтуу эмиэ оҥоруохха сөп.
Марианна Поскачина, эдэр ийэ: «Чүмэчи буоскатынан билгэлэнии. Уулаах иһиккэ умайа турар чүмэчи ууллубут сыатын таммалатаҕын, онно түспүт, тахсыбыт ойуу-бичик үүммүт сылга эйигин туох күүтэрин таһаарыа. Маннык билгэҕэ билэр кыыспар уол оҕо күлүгэ көстүбүтэ. Ол сыл кини уол оҕоломмута».
Алиция Заболоцкая, парикмахер идэлээх: «Биир сирэй кумааҕыны үлтү кумалыыгын. Кумалыы туран инникигин көрүөххүн баҕараргын сибигинэйэн этэҕин. Кумааҕыгын нэлэгэр иһиккэ уматаҕын. Умайан бүппүтүн кэннэ, хаптаҕай сиргэ (истиэнэҕэ эбэтэр оһох кэннигэр) чүмэчи сырдыгынан сирдэтэн араас күлүгү көрөҕүн. Тахсыбыт күлүк эйигин инники олоххор күүтэр».
Светлана Петрова, элбэх оҕолоох ийэ: «Миинньигинэн билгэ — түүн уон икки чааһы ааһыыта муоста харбыыр миинньиккин таһырдьа күрдьүккэ таҥнары аанньан кэбиһэҕин уонна аттыгар туран эрэ баҕа санааҕын ботугураан этэҕин. Сарсыарда сырдаатаҕына тахсан көрөҕүн. Миинньик сууллан хаалбыт түгэнигэр баҕа санааҥ туолбат, иҥнэйбит буоллаҕына ыарахаттардаах соҕустук туолуон сөп, оттон көбүс-көнөтүк, хайдах туруорбутуҥ курдук, ханталлан турар буоллаҕына баҕа санааҥ холкутук туолар».
Тускулаана Горохова-Кобельянова, «Саха» НКИХ кэрэспэдьиэнэ: «Кинигэни ааҕыы. Н.Якутскай «Төлкө», эбэтэр ханнык баҕар үтүө алгыс тыллардаах кинигэнэн билгэлэнэллэр. Кинигэттэн боппуруос ыйытыаҥ иннинэ имэрийэҕин, көрдөһүү тыл этэҕин , кинигэни чүмэчи уотугар сылытаҕын. Ол аата кинигэни ыраастыыгын диэн буолар. Ботугураан баран хараххын симэн туран, түбэһиэх сирэйи арыйаҕын, түбэһиэх этиини сөмүйэҕинэн ыйаҕын. Эбэтэр кинигэ сирэйин (страницатын), строкатын этэҕин. Дьэ, манна ардыгар уот харахха, эбэтэр таайтарыылаах эппиэт тахсааччы. Бу эппиэти эн хайдах ылынарыҥ, бэйэҥ дьыалаҥ».
Билигин таҥханы оонньуу-көр курдук эмиэ ылыналлар. Ол эрэн өбүгэлэрбититтэн кэлбит үгэһи сөптөөхтүк, сиэрдээхтик туһаныахтаахпыт.
Мира АФАНАСЬЕВА