Иистээх киһи диэн туһунан. Эр да киһи иистэнэрэ баар суол. Бу маннык тигэри, иистэнэри дьарык гыныы, буолаары буолан, таптыыр дьарык оҥостуу диэн, туох да диэбитиҥ иһин, сэдэх көстүү.
Мин өйдүүрбүнэн биһиги нэһилиэккэ Сааба диэн киһи баара, оскуола учуутала. Ол кини тугу сатаабатаҕа баарай. Бу билиҥҥи кэмҥэ төрөөбүтэ буоллар ити Зайцев курдук буолуо хааллаҕа. Атах таҥаһын кытта тигэрэ! Сахалыы хомуһуоллары, байбарылаах ырбаахылары дьахталларга ыһыах аайы тигэттиирэ, ол ымсыыта буолара.
Абылаҥнаах
Абылаҥнаах, абыраллаах, астык көстүү диэтэҕиҥ! “Айардар” аны сахалыы толкуйдаммыт уус-уран тигиини нууччалыы тылынан таһаарбыттар уонна “Магия лоскутных ритмов” диэн ааттаабыттар! Ииһи-күүһү соччо биһирээбэппин да буоллар, тыа киһитэ буоллаҕым, сарсыардааҥы оһох уотун сырдыгар ийэм иистэнэрин өйдүүбүн.
Биһиэхэ, орой мэник уолаттарга, анаан-минээн тирии имиттэрэллэрэ, тайах тыһын талкынан бастаан баттатан баран, кэнники субатын саралыы-саралыы тимиргэ ааллараллара, онтон биллэ сымнаабытын кэнниттэн илиилэригэр ылан, хап-халыҥ тирии солко курдук сымнаҕас буолуор диэри, имитэллэрэ. Оннук тыстан тигиллибит атах таҥаһа уһуннук кэтиллэрин билбит бэйэккэм.
Кус сүүһэ үтүлүк…
Өйдүүбүн, киирэр аан үрдүнэн кус төбөтүн тириитин сүлэн ылан сыһыаран кэбиһэллэрэ. Онно эгэлгэ дьиримнэс өҥ баар буолара. Куруук олору киирэ-тахса одуулаан сөҕөрбүт. От күөҕү кытта халлаан сытыы өҥө дьүөрэ буолан хара түүгэ олус бэркэ көстөллөрө. Биирдэ эбэм кус сүүһүттэн балтыбар оннооҕор үтүлүк тикпитэ.
Оннук курдук ойууну бу кинигэҕэ булан көрөммүн олус диэн иэйдим! Бу маны норуот маастара Ульяна Егоровна Миронова диэн өр сылларга Мииринэйгэ олорбут-үлэлээбит көмүс илиилээх иистэнньэҥ суруйбут. Өр сылларга муспутун, хайдах тигэрин, эрдэттэн бэлэмниирин барытын сиһилии хаартыскалаан дьон көрүүтүгэр таһаарбыт!
Дьэ буолар да эбит! Били кустарым “түүлээх төбөлөрө” бу кэккэлэһэ сыталлар, үөрэ-дьүөрэ ууруллубуттар, хаһаайыстыбаннай мыыланан сууйуллан, салгыннаах сиргэ куурдуллан, өйөөн имитиллэн… кэрэни айан таһаарарга элбэх да түһүмэхтээх үлэни көрсөөхтөөбүт! Туох баар холбуу тигиититтэн саҕалаан сирийиллиитигэр тиийэ көрдөрбүт! Тугун бэрдэй?
Көҥөммөт эбиппин
Ол эрээри… көҥөммүт санаабар бастаан утаа тоҕо барытын нууччалыы ууран биэрдибит, бэйэбит омукпут талыы-талба сатабылын, кистэлин аан дойду аһылыга оҥорбуппут диэн суҥхара сырыттым ээ. Онтон иккис күммэр өй ыллым, чэ, маннык бэйэлээх үлэни көрсөн туран туһаҕа таһаарынар кыахтаах киһи көстөр да буоллаҕына, чахчы сүрэхтээх-бэлэстээх уонна хантан тугу ылбытын сыаналыыр-ытыктыыр эрэ киһи буолуон сөп диэммин уоскуйдум. Ким да буоллун, ханнык да омук буоллун.
Бу Ульяна Егоровна үөрэҕэ—туруулаһыы. Сыра-сылба баранан эрэ кэрэҕэ тиксии сиэрэ. Сүрэҕэ суох баһан ылара манна суох. Ол барыта кинигэҕэ үлэтин хаамыытын толору ууран биэрбититтэн көстөр. Биир курдук ылан көрдөххө, эчикийэ уһуна-киэҥэ, чахчы тиһэҕэр тиэрдиэм эрэ диэбит киһи кыайыах айылаах.
Мииринэйгэ оҕолору үөрэтээри, улахаттары уһуйаары анаан үлэлээбит буолан, маастар нуучча сиэринэн туох да остуолу толору бөтүүгэ-кууруссата элбэҕэ, эчикийэ! Таҥас сыыһынан аттаран тикпит иистэнэр массыыната, араас хоппуйалара да сонун. Чэ, ону сэҥээрэн көрөөрүҥ. Оттон мин атыҥҥа тохтуум.
Кыһыылаах кыбытык!
Сахалыы кыбытыгы бары билэҕит, көрөн аҕай кэллэхпит. Ол эрээри Ульяна Егоровна кыбытыктара туһунан салгыннаахтар. Өҥө-дьүһүнэ барыта Айылҕа дьүөрэтэ. Биир да сарылаабыт саһархай, кытыастыбыт кыһыл суох. Бэрди гыннар туос араҕас, хатырык хоҥор, хагдаҥ от, борук-сорук дьүһүннэрэ сатыылаабыттара баар. Ону барытын арыйа-арыйа көр—дьэргэлгэн дьиктитэ! Халлааҥҥа суһумнуур дьэргэлгэн дьүһүн кубулуйарыгар үкчү итинник хараҥа уонна чаҕылхайа суох уоттардаах буолааччы!
Андаатар кииһи кэргэн ылбатар да…
Арыый эдэрим буоллар сэмэлиэх эбиппин, учуутал буоллаҕым. Хайа эрэ Эмиэрикэттэн кэлбит уу күтэрэ тоҕо биһиги мааныкай кииспитин кытта кэккэлии туруохтааҕый диэн.
Онтум баара, Ульяна Егоровна тикпит түү көбүөрэ ону бырастыы гынарга дылы. Кэргэн да ылбатар кэккэлэспит! Кэрэтик уонна кылааннаахтык. Кырдьык сэҥээрдим. Таҥаһы кыбытыктаан олус бэркэ мындырдаабыт. Киис муннун тириитэ уонна андаатар таныыта дьүөрэлэспиттэрин киһи билимиэх курдук үчүгэй.
Дьахталларга мин бу кэнэҕэскитин туһалаах буоллун диэн кэпсиир быһыым. Баалаамаҥ, оннооҕор киһи санаатыгар батарбат түүлэрин кытта, сатаатахха, туттуохха сөп эбит! Туох да мээнэ хаалбат, барыта туһаҕа тахсар.
Сылгы тириитэ бэргэһэ—муода
Мин эмээхсиним, 1979 сыллаахха этэ бадаҕа, биирдэ дьикти бэргэһэлэнэ сылдьыбыта. Көрдөххө кырсаҕа маарынныыр эрээри түүтэ арыый кылгас. Ол сылгы тириитин имитэн, түүтүн туруоран баран Дьокуускайга тирии собуотугар оннук бэргэһэлэри тигэн атыылыы сылдьыбыттарыгар тиксибитэ. Былдьаһык этэ! Муода дэһэллэрэ! Бөҕөтө, сылааһа, анаан имиллибит буолан ыйааһына чэпчэкитэ. Бэрт таҥас этэ, быһыыта.
Ульяна Миронова үкчү оннук санааҕа оҕустаран, убаһа тириитин түүтүн араас кыбытыкка туһаммытын олус хайҕаатым. Итинтиҥ олбоххо олох бэрт, панноҕа дьикти кэрэ, тэллэххэ, эчикийэ, мааныта, сылааһа! Бэйэтин киэнэ буоллаҕа!
Түмүкпэр
Сунтаардар бу да сырыыга киэн туттууһугут. Ульяна Егоровна Миронова, эһиги эҥээртэн буолан, хотугулуу да, сахалыы да ииһи кыайа тутар эбит. Кыбытык ньыматын чахчы баһылаабыт. Итиэннэ дьону-сэргэни көҕүлээри таһаарбыт кинигэтин, арааһа, дьахтар аймах аҕыйах кэм устата барыыра буолуо дии саныыбын. Тоҕо диэтэххэ таҥыллыбыта астык, суруллубута судургу, көрдөрүүтэ хардыы аайы хаартыска, кистэлэҥнээх кыбытыгы кэрэтик ууран биэрбит!
Махтал уонна эҕэрдэ тылларын харыстаамаҥ, доҕоттор! Кинигэ табыллыбыт. Киһи ымсыырар!
Анньыыһын НЕУСТРОЕВ