Талааннар норуоттан үөскүүллэр

Муус устар 13 күнүгэр Элгээйитээҕи «Оһуор» култуура киинигэр үүммүт 2024 сыл дойдуга -Дьиэ кэргэн, Сахабыт сиригэр-Оҕо саас, Сунтаарбыт улууһугар Аҕам саастаах дьоҥҥо ытыктабыл сылынан «Дууһам миэнэ үҥкүүлээ!» улуустааҕы култуура кииннэрин иһинэн тэриллибит үҥкүү кэллэктииптэрин бастакы көрүү күрэһэ үрдүк таһымҥа ааста. Сиртэн-буортан көһүҥэ көмүстэр, күндү таастар өрө көбөллөрүн кэриэтэ талаанар норуоттан үөскүүллэр. Бу кэскиллээх бырайыак үлэ ааптара СӨ култууратын туйгуна, Элгээйитээҕи «Оһуор» култуура киинин балетмейстера Егорова Ульяна Васильевна. Бырайыак тэрийээччилэрэ «Оһуор» култуура киинэ — директор В.Н.Семенов. Дьүүллүүр сүбэ: Элгээйи нэһилиэгин баһылыгын сол. А.Г.Самойлов; СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, «Күн сардаҥата» оҕо үҥкүү образ. анс.сал Р.Н Никифорова; СӨ култууратын туйгуна, «Алгыс» оҕо үҥкүү образц. ансаамбыл уһуйааччыта С. А Григорьева; «Алгыс» оҕо образц. анс. выпускницалара Аксения, Наталья Пасельскаялар ааттарынан үрдүкү балетнай оскуола выпускницата А. В. Ядреева.

Манна барыта 10 бөлөх, уопсайа 102 киһи кытынна. Сайаҕас санаалаах, киэҥ көҥүл дууһалаах Күүкэй нэһилиэгиттэн «Күн кэрэли» үҥкүү бөлөҕө сал. СӨ үөрэҕириитин туйгуна И.М. Герасимова. Көхтөөх үлэ ньиргийэр Куокуну нэһилиэгиттэн «Илгэ» үҥкүү бөлөҕө, сал. СӨ култууратын туйгуна, эбии үөрэхтээһин уһуйааччыта С.В.Николаева. Олоҥхо дойдута Сунтаар нэһилиэгиттэн «Сардаана» үҥкүү бөлөҕө сал. СӨ оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолору иитиигэ кылаатын иһин бэлиэ хаһаайката, эбии үөрэхтээһин уһуйааччыта А. В. Саморцева. Сунтаар «Күбэйэ» үҥкүү анс. сал. С.А.Зверев-Кыыл Уолун аатынан норуот уус-уран айымньытын киинин уус-уран сал. Н.В. Баянаев. Сунтаар «Чэлгийэ» үҥкүү бөлөҕө, сал. СӨ култ. туйгуна А. В.Чойнова.  Ааспыт олох сарыалын арылытар түмэллээх Тойбохой нэһилиэгиттэн «Далбарай”, «Ситим» үҥкүү бөлөхтөрө, сал. СӨ култууратын туйгуна М.Н.Семенова. Ыаллыы сытар Хоро нэһилиэгиттэн «Кэрэли» үҥкүү бөлөҕө, сал. СӨ үөрэҕириитин туйгуна Е.С.Иванова. Өбүгэбит үгэстэрин үйэтитэр дьоннордоох Сиэйэ нэһилиэгиттэн «Алтаана» үҥкүү бөлөҕө, сал. Сиэйэ култууратын киинин испэсэлииһэ Т.В.Фомина. Элгээйи нэһилиэгиттэн «Нуурал», «Далбарай» үҥкүү бөлөхтөрө, сал. СӨ култ. туйгуна У.В.Егорова.

Күрэс түмүгүнэн анал ааттар, кыайыылахтар билиннилэр. Ол курдук, «Самый профессиональный танец» — «Далбар», «Ситим» бөлөхтөр Тойбохой (сал. М.Н.Семенова),  «Самый выразительный танец» —  «Илгэ» Куокуну (сал. С.В.Николаева), «Самый зрелищный танец”-«Кэрэли» Хоро (сал. Е.С.Иванова), «Приз зрительских симпатий» — «Алтаана» Шея (сал. Т.В.Фомина), «Преданность профессии» — «Илгэ» Куокуну (сал. С.В.Николаева). «Лучшая постановка» А.В.Чойнова. 3-с  истиэпэннээх дипломаннар «Сардаана» Сунтаар (сал.А.В.Саморцева). 2-с истиэпэннээх дипломаннар Элгээйиттэн «Нуурал» (сал.У.В.Егорова). 1-кы истиэпэннээх дипломан Күүкэйтэн «Күн кэрэли» (сал. И.М.Герасимова). 3-с истиэпэннээх лауреат  «Күбэйэ» Сунтаар (сал. Н.В.Баянаев). 2-с истиэпэннээх лауреат «Чэлгийэ» Сунтаар (сал. А. В. Чойнова). 1-кы истиэпэннээх лауреат Элгээйиттэн «Далбарай» үҥкүү бөлөҕө (сал. У. В. Егорова). Кылаан кыайыылаах үрдүк аатын ылла Тойбохойтон «Далбар», «Ситим» үҥкүү бөлөхтөрө
сал. СӨ култууратын туйгуна М.Н.Семенова.

Бырайыак ааптара СӨ култууратын туйгуна У.В.Егорова бары үҥкүү бөлөхтөрүгэр ситиһиилэри баҕаран туран бу бырайыагы сылын аайы  ыытарын иһитиннэрдэ. Түмүккэ уопсай хаартыскаҕа түһүүлэр, ситиһии, үөрүү хас биирдии кыттааччы өрөгөйүн үрдэттэ. Бу буолар үҥкүү киһи дууһатын абылыыра, санаатын көтөҕөрө, ыраас сырдыкка көтүтэрэ.

Күрэс спонсордара: олохтоох дьаһалта П.А.Григорьев; «Оһуор» култуура киинэ В.Н.Семенов; Элгээйитээҕи оҕо искусство оскуолата А.Н.Поротов; С.А.Зверев-Кыыл Уолун аатынан түмэл К.П Семенова; С.С.Яковлев аатынан Элгээйитээҕи врачебнай учаастак С.П.Конобулова; П.Х.Староватов аатынан Элгээйи орто оскуолата С.В.Игнатьева; Элгээйитээҕи олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыба А.А.Романова; «Надежда» ИП О.А.Степанова; «Астык» – ИП Т.В.Иванова; «Купец» — ИП А.П.Осипова; «Туйгун» — ИП А.Д.Иванова; ЭРМЭК — А.С.Иванова; «Эр сомоҕо» Элгээйитээҕи аҕалар түмсүүлэрэ; Элгээйитээҕи «Матери России» түмсүү; М.Ф.Сидорова — С.А.Зверев-Кыыл Уолун анс. кыттыылааҕа, Элгээйи нэһ. бочуоттаах олохтооҕо; С.М.Илларионова, М.В.Иванова «Алгыс» анс. выпускницалара; С. А.Григорьева — «Алгыс» оҕо образ. анс. уһуйааччыта.

Бары күүс-көмө буолбут спонсордаабыт дьоммутугар тэрийээччилэр ааттарыттан барҕа махталбытын биллэрэбит. Доруобуйаны, үгүс үөрүүнү, табыллыыны, ситиһиини баҕарабыт. Үтүө санааҕыт уҕараабатын, үтүө үрдүккэ көтүттүн!

Эльвира НИКОЛАЕВА

 

Читайте дальше