Тыа сиригэр нэһилиэнньэҕэ өҥөнү оҥоруу сыллата кэҥээн, билигин араас дьарыктаах дьон кэккэтэ Сунтаарбыт улууһугар хаҥыыр. Оҥорор өҥө хаачыстыбата тупсан иһэрэ дьону үөрдэр. Маныаха, социальнай хантараак нөҥүө өйөбүл баара, саҥа саҕалааччы дьоҥҥо олус наадалаах уонна бастакы олуктарыгар төһүү күүс буолар.
Күндэйэ нэһилиэгиттэн төрүттээх эдэр ийэ Катерина Павлова социальнай хантараагы туһанан, иис өҥөтүн оҥорор. Кини оскуола саҕаттан иистэнэрин олус сөбүлүүр буолан, оҕо көрөн олорор кэмигэр, кыра-кыралаан дьон сакааһынан араас таҥаһы тигэр эбит. Бу иннигэр, бэйэтин идэтинэн тэрилтэҕэ үлэлии сылдьан, «хонтуора үлэтэ миэнэ буолбатах эбит» диэн бэйэ дьарыктаах буоларга санаммыт. Ол курдук, санаата сытар, дууһата сөбүлүүр дьарыгар иискэ биисинэс-былаан суруйан, көмүскээн социальнай хантараак нөҥүө 350000 солкуобайы көмө ылбыт. Бу харчынан 3 промышленнай остуоллаах иистэнэр массыына, сиэркилэ, остуол, устуул, иискэ аналлаах фурнитуралары уонна 3 бастакы ыйдарга дьиэ куортамын төлөөбүт. Онон, бастакы хардыы оҥороругар социальнай хантараак олус туһалаабыт.
Билигин Катерина «Ayar’ko» диэн иис уонна илиинэн оҥоһук устуудьуйалаах. Хайа баҕарар өҥөнү оҥорор тэрилтэ туспа ааттаах-суоллаах буолара дьону-сэргэни ордук угуйар диэтэхпинэ сыыспатым буолуо. Маҥнай утаа, аат-суол толкуйдуурга балай эмэ бириэмэ баран, Катерина нумеролог үөрэхтээх дьоҥҥо сүбэлэттэрэн аатын талбыт. Оттон тупсаҕай көрүҥнээх анал дьарылыгын «Мин биисинэһим» киин нөҥүө көмө ылан, баннердары, вывесканы уо.д.а. оҥотторо биэрбит. Бу иннигэр элбэх кыбартыыралаах дьиэҕэ биир хоһу куортамнаһан турбут эбит буоллаҕына, билигин биисинэс-инкубаатар дьиэтигэр 3-с этээскэ бэйэтигэр сөрү-сөп хоһу булан, сөптөөхтүк тэринэн олорор. Манна турар сирэ табыгастааҕынан, ону ааһан, урбаанньыттарга бастакы сылларыгар үлэ хоһун чэпчэтиилээх куортамҥа биэрэллэр. Бу «Ayar’ko» устуудьуйаҕа Катерина дьүөгэ кыргыттара Нюргуяна Павлова, Наталья Ткаченко иистэн ураты араас маастар-кылаастары эмиэ тэрийэллэр. Ол курдук, дьиэҕэ-уокка киэргэл буолар ураты быһыылаах гиипсэттэн оҥоһугу, эгэлгэ бэйэлээх араас дьүһүннээх мыылалары, чүмэчилэри о.д.а. оҥорон таһаараллар. Онон, кинилэр биир дьыаланан эрэ муҥурдаммакка, араас хайысхаҕа таба тайанан, үгүһү боруобалаан, сонун ньымалары туһанан дьоҥҥо-сэргэҕэ тириэрдэ, үллэстэ сылдьаллар.
«Иискэ ордук кэлэктиибинэн сакаастар киирэллэр. Ол курдук, ырыа, үҥкүү ансаамбыллара уонна оскуола, уһуйаан оҕолоругар көстүүмнэри тиктэрэллэр. Билигин сомоҕолоһуу күнэ чугаһаан, араас норуоттар таҥастарын-саптарын тигэ сылдьабын. Ордук банкет, ыһыах кэмигэр элбэх сакаас киирэр. Биир түгэн баар этэ, кэлэктиибинэн сакааска биир халадаайы биир чаас иһигэр тигэн турардаахпыт. Киирбит сакаастары уһата-кэҥэтэ сылдьыбакка, лоп курдук бириэмэтигэр бүтэрэ сатыыбын. Маны таһынан тимир көлөҕө чехол, намордник арааһын тигэбин», – диэн Катерина Павлова кэпсиир.
Бу курдук, эдэр ийэ сөбүлүүр дьарыгын олоххо киллэрэн, саҕалаабыт дьыалата кэҥии турдун.
Елизавета ТИТОВА