Такси сыаната олус үрдээтэ

Биһиги эрэдээксийэбитигэр «Такси сыанатын ким олохтууруй, хонтуруол ыытыллар дуо?» диэн ис хоһоонноох хас да сурук киирдэ. Олортон айанньыт суругун сэргэ Сунтаар-Дьокуускай-Сунтаар хайысханан сылдьар Хайс массыыналаах таксист тус санаатын таһаарабыт (биллэр төрүөтүнэн таксист аатын ааттыырбытын көҥүллээбэтэ).

Биэнсийэлээх айанньыт:

– Мин кыра бөһүөлэк үлэлээбэт биэнсийэлээҕэ буолан бочуоттаах сынньалаҥҥа олорбутум уонча сыл буолла. Биһиги курдук «сөп буолуо» диэн миэстэлэрин эдэр-сэнэх дьоҥҥо туран биэрэн олоруммут дьон син балаччабыт. Дойдубут салалтата үлэлээбэт биэнсийэлээхтэр ылар ыйдааҕы биэнсийэбитин кэмиттэн кэмигэр, кыралаан да буоллар, эбэрин көһүтүүлээх, үөрүүлээх сонун гына үллэстэ, дьиэбитин-уоппутун, хаһаайыстыбабытын көрө-истэ олоробут. Биһиги араҥаҕа көрүллэр чэпчэтиилэри истиһэн үксүн син туһанабыт. Мин бүгүн бу үлэтэ суох биэнсийэлээхтэргэ икки сылга биирдэ көрүллэр айаны толуйуу туһунан суруйуохпун баҕарабын. Бу көмөнү син үстэ-түөртэ туһанан абыранан турардаахпын. Ырааҕынан тэлэһийэ сынньана үөрүйэҕэ суох киһи сиэринэн куоракка баар оҕолорбор барарбар-кэлэрбэр, балыыһаҕа көрдөрүнэрбэр туһаммытым. Бырайыаһым сыанатын тук курдук толуйтаран, ыраах айаны икки сылга биирдэ былаанныыр үөрүйэхпинэн быйыл эмиэ Дьокуускайга баран сиэннэрбин көрөн дьоллонон кэлбитим. Сэмэй киһи сиэринэн федеральнай бүддьүөтү экэниэмийэлээн сиринэн сылдьарга дьулуһабын. Ол курдук, сайын ортото мунньуммут «эбээ хааһынатын» олоччу тэбии сыһан таксиланан дойдубун булбутум. Аны быйыл куоракка диэри бырайыас эмискэ үрдээн, суоттамматах киһи, добуочча ороскуоттанным. Хармааным чарааһаабыт киһи, айаным ороскуотун ботуччу ыла охсоору, докумуоннарбын тустаах сиргэ туттара охсор былааннааҕым да… Бастатан туран, төннүбүт таксиһым билиэппин кэлин биэриэх буолан уһатан-хайаан тардылынным. Ол да гыннар, баҕалаах билиэппин син тиксэрдэ. Аны туран, биэнсийэ пуондатыгар киирбиппэр аны билиэттэрбин «хаасса чиэгэ» суох билиниллибэт диэтилэр. Тута таксиспар эрийдим «оннугум суох, хаһаайынтан ыйыт эрэ» диэн буолла. Хас даҕаны сиргэ мээчиктэнэн, мэктиэтигэр бустум-хаттым. Хата, үлэһит кыргыттар аймалҕаннаах баабысканы аһыннахтара буолуо, «хаасса аппараата суох буоллаҕына онтум суох диэн ыспыраапканы биэрдин» диэтилэр. Оннук соруктаах, хайыахпыный, бэстилиэнэй биэс мөһөөхпүн дэриэбинэбэр диэри айаммар туттан дьиэбин буллум. Ол ыспыраапкабын ыйы быһа кэтэһиннэрэн син ыытан абыраатылар. Аныгы эмээхсин буолаары бу сырыыга докумуоннарбын Госуслуги порталынан ыыттардым. Онтум аккаас кэллэ. Аккаас төрүөтүн күн бүгүҥҥэ диэри ааҕа сатыыбын да, дуостал өйдөөн быстыбаппын. Чэ, арааһа, быйыл туһаныа суохпун диэн аккааспын биэрэн олоробун. Кэлэр да сыл туһаныллыа. Бу сырыыга сэмэйимсийбэккэ халлаанынан айаннаары хааһынабын хаҥата сылдьабын.

Таксист:

– Мин бу хайысханан дьону таһыыга үлэлээбитим хаһыс да сыла. Уопсайынан, суоппар үлэтэ ыарахаттардааҕын, уустуктардааҕын эт хааммынан билбит саас ортолоох киһибин. Чахчы, билигин такси сыаната олус үрдээтэ диэн элбэх киһи биһиэхэ эмиэ этэр. Кинилэри эмиэ өйдүүбүн. Оттон ытыктабыллаах айанньыттар, биһигини эмиэ табатык өйдүүргүтүгэр баҕарабын. Биһиги бары ыал аҕаларабыт, дьиэлээх-уоттаах дьоммут. Билиҥҥи үйэҕэ «ким үлэлиир – ол аһыыр» диэн бэргэн этии суолтата өссө үрдээтэ дии саныыбын. Таксистар да сыанабытын ыллыбыт да үрдэппэппит. Суол Дьокуускайга диэри төһө да тупсан, оҥоһуллан турдар, сорох-сорох сирдэринэн, күн-дьыл туругуттан, алдьаныылаах-кээһэниилээх буолар. Манна тиэхиньикэ алдьаныыта тахсарын массыыналаах дьон бэйэҕит да билэн эрдэххит.  Биһиги массыыналарбыт эмиэ алдьанар-кээһэнэр түгэннэрэ элбэх буоллаҕа, ону кэмиттэн-кэмигэр оҥостон, айанныыр кэммитигэр исправнай массыынанан сылдьарга кыһанабыт. Оттон саппаас чаас, билэрбит курдук, сыаната эмиэ үрдээн турар. Сунтаартан Дьокуускайга диэри 3-тэ паромунан туоруубут. Аны паромнарбыт массыыналары туоратар өҥөлөрүн иһин ылар харчыларын эмиэ үрдэтэн кэбистилэр, быйыл.  Эрдэ паромнаах дьону кытары кэпсэтии баара, сыанаҕытын түһэриҥ диэн, ону сэлээркэ сыаната үрдээтэ диэн буолумматахтара.  Аны такси өҥөтүн толорооччу ирдэбил быһыытынан индивидуальнай предприниматель, чэ, быһата, тэрилтэлээх буолуохтаах. Оттон ханнык баҕарар тэрилтэ, биирдиилээн да үлэлиир киһи курдук, дохуот киллэринэр буоллаҕына нолуок хайаан да төлүөхтээх. ИП-га быһыллыбыт нолуок эмиэ үрдүк буолар. Маннык ааҕа турдахпына, үп-харчы барар сирэ элбэх буоллаҕа. Ону барытын учуоттанабыт. Аны бэйэм үлэлээн дьиэ кэргэммин иитиэм диир киһи тэрилтэ тэринэн араас өҥөнү толорор буоллаҕына, барыска үлэлиир сыаллаах. Бу баар, көрсөр кыһалҕалар сыана үрдээһинигэр эмиэ оруолу ылаллар. Онон икки өттүттэн өйдөһөн, айаммыт сыыдам, суолбут көнө буоллун диибин.

Бэйэм туспунан эттэхпинэ, бу сыананы тутустахпына, таксилыыр дьон биир өйдөөх, сомоҕо буолабыт. Ол эрээри, балаһыанньаттан көрөн, дьоҥҥо чэпчэтиини оҥоробун. Айанньыкка да араас кыһалҕалаах дьон баар буоллахтара, ким эрэ суһал наадатыгар айанныырга күһэллэн, суоттаммыт ыйдааҕы харчытыттан таһынан ороскуоту көрсөр, ким эрэ олох кыаммат, элбэх оҕолоох соҕотох ийэ да, аҕа да баар буолар. Кинилэрдиин аһаҕастык кэпсэтии түмүгэр чэпчэтии, кыра да буоллар, оҥоробун.

Дьэ, бу курдук икки өрүт ис санааларын иһиттибит, аахтыбыт. Кырдьаҕас киһи суругар баар итэҕэстэри үгүс киһи көрсөрө баар суол. Ол курдук, биллэриигэ таксистар туох баар ирдэниллэр отчуоттуур докумуону барытын биэрэбит диэн суруйаллар. Оттон айанньыт айанын төлөбүрүн үлэлиир тэрилтэтиттэн толуттарар буоллаҕына булгуччу кассовай чек диэни ирдииллэр. Оттон сорох таксистар биһиги кассовайбыт суох диэн этэллэр, сураҕа ханнык эрэ ИП-лаах киһиэхэ баар буолар эбит. Киниттэн ылыҥ диэн буолар. Оннук буолуо суохтаах, доҕоттоор. Өскөтүн эн дьону таһар өҥөнү оҥорор буоллуҥ да, ирдиир докумуонун барытын бириэмэтигэр, миэстэтигэр биэрэн иһиэхтээххин. Ити итэҕэс докумуону сырсыыга дьон бириэмэтин барыыр, аны төлүүр тэрилтэ сокуонунан ирдэниллэр сөптөөх докумуона итэҕэс буоллаҕына төлөөбөтө биллэр. Биэнсийэлээх айанньыт айанын ороскуотун толуттарарыгар ирдэниллэр докумуоннарын таксист биэрбитэ буоллар, тэрилтэтэ туох да муоҕа-чуоҕа суох төлүөхтээх этэ.

Онон аҥаардас сыананы сырсыыга эрэ буолбакка, килийиэҥҥэ сөптөөх усулуобуйаны олохтоон айанныыры эмиэ ситиһэргэ кыһалларгыт ордук буолуо этэ.

Оттон сыананы ким хонтуруоллууруй диэн ыйытыыга улуус тустаах салалтатын үлэһититтэн ыйыта сылдьыыга, таксистары, ордук кинилэр олохтуур сыаналарын улууска ким да хонтуруоллаабат, оннук боломуочуйа суох. Роскомнадзор да эмиэ сыана быспат диэн эппиэттээтилэр.

Сыана үрдээтэ диэн хайыҥ охсунан туран, тутатына маннык үрдүк сыана быһыллыбыта өйдөммөт. Биэс тыһыынчаттан сэттэҕэ тириэрдии. Ол аата айан иһин төлөбүр сыанатын эмискэ 40 бырыһыан үрдэппит буолан тахсаллар. Дьэ, сүрдээх баһырхай үрдэтии буолбут…

Яина ВЛАСЬЕВА