Декабрь оҕонньор бөлүүн кыайан утуйбата. Бииргэ үлэлээбит табаарыстара кэлэннэр түннүгүнэн көрөллөр, тугу эрэ саҥара-саҥара күлсэллэрин өйүнэн-санаатынан истэ, билэ сытта. Кини доҕотторун илэ хараҕынан көрбүтүттэн наһаа соһуйда, дьиктиргээтэ даҕаны. Уһуктаат, эмиэ үрдүгэ, дириҥэ биллибэт хараҥа хаайыытыгар хам ылларда. Сарсыарда даҕаны саппаҕырбыт санаата сырдаабата. Аат эрэ харата аһаабыта буолла…
Дьонум миигин бастакынан ыллылар. Анатолий Дмитриев кыыһа Екатерина Габышевалыын кэллилэр. Кырдьаҕаспыт Декабрь Егорович массыынаҕа киирээт : «Улуу ойуун кыырбытын курдук күн үүммүт», – диэн санаабытын көтөхтө. Кырдьык даҕаны, чэмэлийэн күнэ сүрдээх, сиик бөҕө түспүт, сайыны быһа бүрүллэн турбут хойуу буруобут мэлис гыммыт. РТС-тан Владислав Яковлевы ылан аастыбыт. Дьэ уонна Табаҕаҕа бииргэ үлэлээбит табаарыстарын үйэтитиигэ бүтэһик үлэни толоро айаннаан куугунаттыбыт. Аргыстарым идэлэринэн эмиэ урут хайдах үлэлээбиттэрин сэһэргэһэллэрин кэрэхсээн истэбин.
Кинилэр кэпсэллэриттэн кылгастык Табаҕа историятынан өйдөөн хаалбытым маннык буолла. 1960-70-80 с. Сунтаар оройуонугар кырыс уонна оһорбо сирдэри туһаҕа таһаарыы үлэтэ күүскэ саҕаламмыт. Куокуну учаастагар Улахан Табаҕаҕа 2700 гаалаах сир оҥоһуллубут. Бу сүҥкэн үлэни Сунтаардааҕы РТС лугомелиоративнай этэрээтэ толорбут. 1960 сыл күһүнүгэр 600 гааттан үрдүк үүнүү ылыллыбыт. ЛМО 26 киһилээх механизатордара хорсуннук, доруобуйаларын харыстаммакка үлэлээбиттэр. Сити сыл Сталин аатынан холкуос үлэһиттэрэ 1000-нан туонна бурдук харайыллар, куурдуллар механизациялаах ыскылааты тутан үлэҕэ киллэрбиттэр.
2009 сыллаахха улуус салалтата бу дьону үлэлэрин түмүгүн, ааттарын-суолларын үйэтитэргэ аналлаах үбүлүөй тэрийэн ыыппыт. Бу үбүлүөйгэ үрдүк таһымнаах эбэһээтэлистибэлэр, күүстээх уураахтар, булгуччу туолуохтаах дьаһаллар ылыллыбыттар. Ол иһигэр бэтэрээннэр ааттарын үйэ саас үйэтитэн кэнэҕэски көлүөнэҕэ билиһиннэрии. Ол эрээри өйдөбүнньүк бэлиэ ситэ тутуллубатах, устунан умнууга хаалаары гыммыт. Онтон ыксаан тыыннаах хаалбыт аҕыйах бэтэрээн бииргэ мустан, сүбэлэһэн өйдөбүнньүк бэлиэни ситэрэргэ бигэ тылларын бэрсибиттэр. Маныаха салайааччылар да өйөөн, бэрт элбэх киһи түмсүбүт. Биригээдэни Н.А. Тотонов, Д.Е.Федоров сүбэлээн-амалаан, ыйан-кэрдэн салайбыттар. Өйдөбүнньүк бэлиэни алта киһилээх биригээдэ аҕыс күн тохтоло суох үлэлээн бүтэрбиттэр. Табаҕа бэтэрээннэрин кытта олох эдэр сааһыгар бииргэ үлэлэспит, билигин бу бииргэ айаннаан иһэр атаһым, Анатолий Николаевич Дмитриев уонна аҕата манна үлэлээбит Алексей Арианович Федоров табаарыстарын сырдык ааттарын үйэтитэргэ бэйэлэрэ тылланан сыбаарка үлэтигэр кыттыспыттар. Кэлиҥҥи сылларга үһүө буолан, дьаныһан туран, сиэлин-силигин толору бүтэрэргэ туруммуттар. Саамай тутаах киһилэрэ, сүбэһиттэрэ, ыйан-кэрдэн тэрийээччилэрэ Декабрь Егорович Федоров, төһө да 1987 сылтан хараҕынан көрбөт буоллар, хамаандата кытаанах. Оттон үбүн-харчытын булууга, Табаҕаҕа үлэлээбит дьон ааттарын көмүс буукубанан үйэтитиигэ эмиэ билигин айаннаһан иһэр Владислав Иванович Яковлев үтүөтэ буолар. Кини тапталлаах аҕата Иван Осипович Яковлев кырыс сири туһаҕа таһаарыыга элбэх көлөһүнүн тохпут буолан, көмөлөһөрүн ытык иэһин курдук саныыр. Түөрт дуоскаҕа барыта 127 киһи аатын Дьокуускай куоракка хаачыстыбалаахтык суруттарбыт.
Итинник кэпсэтэн, уруккуну ахтыһан, айан суола ырааҕын билбэккэ хааллыбыт. Өйдөбүнньүк бэлиэ этэҥҥэ турбут. Массыынаттан түһээппитин, биһигини эрэ кэтэспит курдук, кырдьаҕас тиит хаппыт лабаатыгар мустан олорбут тураахтар кэлэн үрдүбүтүнэн халаахтастылар. Ытык кырдьаҕаспыт: «Көр эрэ, доҕотторум бэриэтчиктэрэ кэлбиппитин биллилэр. Арааһа, бүтэһик да сырыым буоларын сэрэйдилэр быһыылаах», – диэт, халлаан диэки хантайда. Мин эбээһинэспин толорон хаартыскаҕа түһэрэн бардым. Анатолий аҕалбыт сээкэйдэрин аһан, тимир лиискэ суруллубут өйдөбүнньүк бэлиэни сурууктарынан ыксары эрийэн, олохтоох миэстэтин булларда. Сиэмэнтэнэн кутуллан оҥоһуллубут үрдүк обелиск анныгар ууруллубут иһиттэргэ тиэрмэстэн үүттээх чэйи куттулар, иһиккэ ас арааһын, икки баачыка сигарета ууран, бииргэ үлэлэспит доҕотторун кэриэстээтилэр. Ааспыта быданнаабыт сыллары, күүрээннээх күннэри санаан чочумча төбөлөрүн санньытан тура түстүлэр. Инники көлүөнэ дьоно-сэргэтэ, ордук кэнэҕэски ыччаттар, маны ааҕан элбэҕи биллиннэр уонна киэн тутта санаатыннар «1959 сылтан 1999 сылга диэри кырыс уонна оһорбо сирдэри баһылааһыҥҥа бииргэ үлэлээбит дьоһун-мааны табаарыстарбыт ааттарын үйэтитээри анаан бу өйдөбүнньүгү туруордулар: Петров Алексей Васильевич, Федоров Декабрь Егорович, Тотонов Владислав Николаевич, Яковлев Владислав Иванович, Матвеев Владислав Романович, Дмитриев Анатолий Николаевич, Чагдинскай Иван Семенович. 2024 сыл».
Һоок, бэйэм ааппын көрөн соһуйдум. «Арааһа, бу табаарыстарбын кытта манна кэлистэҕим аайы бэчээккэ сырдатарбын сыаналаатахтара дуу» дии санаатым. Хайа уонна улууһум хаһыатыгар 45 сыл устата үлэлиэхпиттэн Табаҕаҕа саас, күһүн төһөлөөх сылдьыбыппын, суруйбуппун, араас тэрээһиннэргэ кыттыбыппын бэйэм да өйдөөбөппүн, өссө кинигэбэр кытта киллэрдэҕим.
Уһун субурҕа остуоллаах, ыскамыайкалардаах түһүлгэ тула олорон чэйдээтибит. Аргыстарым манна, Табаҕа киэҥ нэлэмэн бааһыналара, билигин бэйэлэрин кэмнэрэ ааһан эмэҕирбит эркиннэрдээх дьиэлэр, араас тутуулар эрэ билэн-көрөн ааспыт араас түгэннэрин кэпсэтэллэрин сэргээн истэбин. Биһигини сонурҕаабыт тураахтарбыт хантан эрэ хомуллан, өссө элбээн кэлэннэр, маарыыҥҥы тииттэригэр туох да кыһалҕата суох күн күлүмүрдэс сыламыгар сылаанньыйа олороллор.
Табаҕа туһунан хаһан да бүппэт сэһэни кэпсии, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ сырдата, тарҕата турар аналлаах өйдөбүнньүк бэлиэни кэннибитигэр хаалларан, биһиги үөрэ-көтө төннөр айаҥҥа туруннубут. Бу иһэн 87 саастаах ытык кырдьаҕаспыт Декабрь Егорович, Табаҕаны баһылааһыҥҥа үлэлээбит бастакы көлүөнэ бэтэрээннэртэн (билигин ордон хаалбыт үс киһиттэн биирдэстэрэ), анараа дойдуга барбыт доҕотторун үйэтитиигэ баҕарбыт баҕа санаата туолан, дууһалыын уоскуйан, санаалыын сайҕанан чэпчээн аҕай иһэр.
Иван Чагдинскай