Сүрэх ишемията диэн тугуй?

Гипертония уонна ишемическай ыарыы сүрэх-тымыр ыарыыларыгар киирсэллэр, бэйэ-бэйэлэрин кытары сибээстээх­тэр. Тоҕо маннык ыарыылаах дьон элбэҕий диир буол­лахха, бастатан туран веществолар атастаһыылара кэһиллиититтэн тутулуктаах.

Тыйыс тымныылаах, температура эмискэччи түһэр-тахсар килиимэттээх дойдуга олорор буоламмыт сыалаах эти, балыгы элбэхтик сиибит. Ол түмүгэр куртахха ас буһарыллыыта кэһиллэр, куһаҕан  «тобох» организмҥа мунньуллар. Хас эмэ сыл устата мунньуллуу түмүгэр тымырдар сыанан бүрүллэллэр. Ол иһин 50-60 сааска тиийэн ишемическай ыарыы сайдан барыан сөп. Сүрэх тымырдара сыанан бүрүллэн, хаан кыараабыт тымыр устун сүрэххэ кыайан тиийбэт буолар.

Ишемиялаах киһи кыратык хамсанна да аҕылыыр, тыына хаайтарыан сөп, ыарахан үлэни кыайбат буолар, сэниэтэ түргэнник эстэр. Ишемия киһиэхэ түргэнник үөскүүр ыарыы буолбатах. Сүрэх наһаа улаатар түгэнигэр (сердечная недостаточность) сүрэх хааны хачайдыыра, хаанын эргиирэ мөлтүүр. Онон, «сердечная недостаточность” диэн саамай кутталлаах ыарыы. Сүрэх  улаатыыта араас ыарыылартан буолуон сөп: ишемическэй ыарыыттан уонна инфарктан, миокардиттан, сүрэх тэбэр тэтимэ кэһиллиититтэн.

Саамай наадалаах уоргаммыт ыалдьыбатын туһугар быраастар маннык сүбэлэри биэрэллэр:

  1. Аһыыр аскытын көрүнүҥ. Углевод, ыһаарыламмыт ас, элбэх минньигэс, фасфуд киһи быарыгар уонна тымырыгар куһаҕаннык дьайаллар. Онтон сибээстээн киһи сүрэҕэ ыалдьыан сөп.
  2. Успуордунан дьарыктаныҥ. Сарсыардааҥы сэрээккэ киһи доруобуйатыгар олус туһалаах. Эккин-хааҥҥын олус сылаппакка чэпчэки эрчиллииттэн саҕалаа.
  3. Утуйар бириэмэҕин көрүн. Өр кэм сүгүн утуйбат киһи сүрэҕэ ыалдьыан сөп. Суукка иһигэр киһи 7-8 чаас  утуйуохтаах. Киэһэ  утуйуох иннинэ тэлэбииһэри көрөрү, төлөпүөнү тутары аҕыйатыҥ.
  4. Куһаҕан дьаллыкка ылларымаҥ. Биллэн турар, арыгы, табах сүрэххэ эрэ буолбакка, киһи доруобуйатын туох баар уорганнарыгар куһаҕаннык дьайар.

Ксенья ИВАНОВА, ыарыыны эрдэттэн сэрэтэр кэбиниэт сиэстэрэтэ.

Читайте дальше