«Сырдыгы сыдьаай» айар кэрэ киэһэ

Эбии үөрэхтээһиҥҥэ утумнаахтык, дьаныардаахтык дьарыктанар үҥкүү куттаах, ырыа аргыстаах, талааннаах оҕолор  айар киэһэлэрин Сунтаардааҕы оҕо ускуустубатын оскуолата уонна Сунтаардааҕы политехническай лиссиэй-интэринээт  дьон-сэргэ көрүүтүгэр бэлэх ууммуттара хаһыс да сыла. Бу үтүө бырайыак оҕолорго саҥа саҕахтары, кэрэҕэ-үтүөҕэ умсугуйууну саҕар ураты суолталаах.

С.А. Зверев-Кыыл Уола аатынан норуот айымньытын киинигэр Андреева Елизавета уонна Насырова Джессика «Сырдыгы сыдьаай» диэн аан бастакытын тэрийэр айар киэһэлэрэ сүрэхтэннэ. Бу оҕолор кимнээҕий?

Андреева Елизавета, Сунтаардааҕы политехническай лиссиэй-интэринээт 11-с кылааһын үөрэнээччитэ, Сунтаардааҕы оҕо ускуустубатын оскуолатын 8-с кылааһын үөрэнээччитэ эбии үөрэхтээһин предпрофессиональнай бырагырааматынан үөрэнэр үҥкүү кылааһын выпускницата , «Айыллыы» үҥкүү бөлөҕүн солистката.

Насырова Джессика, Сунтаардааҕы политехническай лиссиэй-интэринээт 11-с кылааһын үөрэнээччитэ, Сунтаардааҕы оҕо ускуустубатын оскуолатын 8-с кылааһыгар эбии үөрэхтээһин предпрофессиональнай бырагырааманан үөрэнэр үҥкүү кылааһын үөрэнээччитэ, «Айыллыы» үҥкүү бөлөҕүн үҥкүүһүтэ.

Кыргыттар оҕо ускуустубатын оскуолатыгар 7 саастарыттан үҥкүү кылааһыгар СӨ култууратын туйгуннара Анна Чойноваҕа уонна Ольга Захароваҕа  утумнаахтык дьарыктаммыттара. Аҕыс сыл устата эбии үөрэхтээһин үҥкүүгэ предпрофессиональнай бырагырааманан үөрэнэн, улууска ыытыллар үгүс тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттан, Сунтаар улууһун аатын Аан дойдутааҕы, Бүтүн Арассыыйатааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи үҥкүү күрэстэригэр чиэстээхтик көмүскээн, кыайыы кынаттанан, ситиһии көтөллөнөн кэлбит түгэннэрэ элбэх.

Оҕолор маҥнайгы  «Сырдыгы сыдьаай» айар киэһэлэрэ  үс түһүмэҕинэн буолла: «Ыра санаа», «Айар кут», «Үрдүккэ көтүт». Кэнсиэр кыргыттар дуэт үҥкүүлэринэн саҕаланна. Манна Лиза уонна Джессика үҥкүү хайысхаларынан классиканы уонна аныгы үҥкүүнү көрдөрдүлэр. Маҥнайгы «Ыра санаа» түһүмэххэ С.А. Зверев-Кыыл Уолун төрүт үҥкүүлэрин  «Оһуор», «Алгыс» уонна сахалыы «Халадаай» үҥкүүнү «Айыллыы» ансаамбыл орто уонна улахан бөлөхтөрүн оҕолоро, дьэрэкээн өҥнөөх  сахалыы таҥаһы симэнэн киирэн, көрөөччүлэр дохсун ытыс тыастарынан, үҥкүүнү оройуттан туттулар. «Айар кут» иккис түһүмэххэ Джессика уонна Лиза саҥа туруоруллубут үҥкүүлэри   бэйэлэрэ толордулар. Манна таптал истиҥ иэйиитэ, доҕордоһуу, Ийэ дойдуга бэриниилээх буолуу, төрөөбүт дойдуга таптал үҥкүү имигэс хамсаныыларынан арылхайдык көһүннэ. Лиза классика үҥкүү уустук хаамыытынан «пуантоҕа» (атаҕын төбөтүгэр) туран үҥкүүлээн дьон-сэргэ биһирэбилин ылла. “Үрдүккэ көтүт” түһүмэх норуоттар доҕордоһууларыгар ананна, манна «Айыллыы» оҕо үҥкүүтүн ансаамбыла  Кавказ омуктарын үҥкүүлэрин лезгинкалаан тибийдилэр, Кострома  уобалас олохтоохтоохторун норуодунай үҥкүүтүн көҕүлүттэн туттулар. Оҕо ускуустубатын оскуолатын «Эдельвейс» хора, гитара кылааһын үөрэнээччилэрэ, уһуйааччыларын ырыалара кэнсиэри тупсаран, ситэрэн-хоторон биэрдилэр. Айар киэһэни СӨ култууратын туйгуна Юлия Филиппова хомоҕой тылынан иилээн-саҕалаан ыытта. Бастакытын ыытааччы быһыытынан Сунтаардааҕы политехническай лиссиэй-интэринээт 11 кылааһын үөрэнээччитэ Тихонов Тамерлан үрдүк сценаҕа бэйэтин холонно.

Талааннаах оҕо барытыгар талааннаах буоларын көрөн итэҕэйдибит, ол курдук, Лизалаах Джессика илиилэригэр эмиэ дьоҕурдаахтар эбит. Сунтаардааҕы политехническэй лиссиэй-интэринээт кэрэ кыргыттара Лиза кылынан өрбүт сахалыы киэргэллэрин, оҥоһуктарын, Джессика “Кыталык» таҥаһын композициятын көрдөрбүттэрэ олус киэргэттэ. Лиссиэй 11-с  кылааһын уолаттара кэлэн ырыа ыллаатылар, стендап ааҕан көрөөччүлэри сэргэхситтилэр. Кылаас салайааччыта Наталья Иванова, дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччы Венера Васильева сыралаах үлэлэрин үтүө түмүктэрэ көһүннэ.

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

Айар киэһэ кэннэ кыргыттар уһуйааччыларын кытта кэпсэттибит.

Анна Чойнова:

Кыргыттар бастакытын ыытар айар киэһэлэриттэн бүгүн олус долгуйан тураммын оҕолорбор, төрөппүттэрбэр, Сунтаардааҕы оҕо ускуустубатын оскуолатын дириэктэригэр Алексей Степановка, бииргэ үлэлиир кэллиэгэлэрбэр, Сунтаардааҕы политехническэй лиссиэй дириэктэригэр Олег Сосиҥҥа махтанабын. Өрүү оҕолорбор этэбин: талааннаах эрэ буолар кыра, элбэхтик үлэлиэххэ, дьулуурдаахтык дьарыктаныахха наада, оччоҕо эрэ ситиһии кэлэр диэн. Лиза уонна Джессика олус кыһаллыгастар, эппиэтинэстээхтэр, дьулуурдаахтар уонна талааннаахтар.Үөрэхтэригэр эмиэ үчүгэйдэр. Баҕарыам этэ: үөрэхтэригэр үрдүк ситиһиилэри, талбыт үөрэхтэрин кыһатыгар киирэллэригэр, чэгиэн-чэбдик буолууну,сырдыгы-кэрэни, дьолу-соргуну.

Ольга Захарова:

-Оҕолор ситиһиилэригэр төрөппүт уонна уһуйааччы биир ситимнээх үлэтэ улахан суолталаах. Ол курдук, кыргыттар төрөппүттэрэ Саргылана Анатольевна, Анна Петровна, Семен Тарасович кыра эрдэхтэринэ хас күн аайы оҕолору үҥкүүгэ ускуустуба оскуолатыгар күн аайы аҕалан, үҥкүү көстүүмүн күнүстэри-түүннэри тигэн, араас күрэстэргэ кыттар, айанныыр төлөбүрдэрин төлөөн күүс-көмө, тирэх буолбуттара оҕолору үрдүккэ көтүттэ. Айар киэһэбит кинилэр көмөлөрүнэн үрдук таһымнаахтык ыытылынна. Төрөппүттэрбитигэр барҕа махталбытын тириэрдэбит.

Түмүккэ, кэрэ кыргыттарбытыгар ыллыктаах ыра санаалара туола турдуннар, айар куттарын абылаҥнаах аартыктара алгыстаах буоллун, үҥкүүнү олохторун устатыгар үтүө аргыс оҥостон, үрдүккэ көттүннэр, үүнэ-сайда турдуннар диэн баҕа санаабытын тириэрдэбит!

 

 

Надежда ЯКОВЛЕВА, Сунтаардааҕы оҕо ускуустубатын оскуолатын

дириэктэри үөрэтэр үлэҕэ солбуйааччы, СӨ үөрэҕириитин туйгуна.

 

 

 

 

 

Читайте дальше