Сыл бүтүүтэ — үлэ түмүгэ

Быйыл улууспут 26 нэһилиэгэр баһылыктар отчуоттара сэтинньи 28 күнүттэн ахсынньы 1 күнүгэр диэри ыытылынна. Отчуокка улуус  салалтатыттан бэрэстэбиитэллэр, нэһилиэк куратордара тахсан кытыннылар.

Быйыл өрөспүүбүлүкэбитигэр Үлэ сыла биллэриллэн, элбэх үлэ бары нэһилиэктэргэ ыытыллыбытын отчуоту дьүүллэһиигэ олохтоохтор этэллэр. Билигин ситэриллибэтэх үлэни эһиил түмүктээн, олоххо киллэрэргэ баҕа санаалаахтарын биллэрдилэр. Үгүс нэһилиэккэ киин ититиигэ холбонуон баҕалаах ыаллар бааллар. Тыа хаһаайыстыбатыгар туһааннаах ыйытыы да элбэх буолла, ол курдук, дулҕалаах сирдэри туһаҕа таһаарыы, күрүөлээһин боппуруостара. Эдэр ыал дьиэ туттарыгар көрүллэр субсидиянан туһанан нэһилиэктэргэ үгүс эдэр дьон дьиэлэммиттэрин этэн туран, маннык көмө өссө да оҥоһулла турарыгар баҕардылар. Нэһилиэнньэни демография боппуруоһа эмиэ долгутар. Билигин эдэр ыал элбэх оҕолонорун туһугар бары кыаллар усулуобуйаны олохтуур, ону таһынан судаарыстыбаттан көрүллэр өйөбүлү өссө элбэтэргэ этэллэр. Дьон уһун үйэлэнэригэр доруобай ас сүрүн оруоллаах, ол эбэтэр олохтоох бэйэ аһын дэлэтэргэ, тыа дьоно сүөһүттэн арахсыбакка, көлүөнэни көлүөнэ солбуйара наадатын этэллэр. Манна нэһилиэк иһинэн үлэ барарын бэлиэтээтилэр. Бу курдук, үлэ-хамнас, олох-дьаһах туһунан элбэх ыйытыы киирэн, нэһилиэк баһылыктара, туһааннаах исписэлиистэр дириҥ ырытыылаах эппиэттэри биэрдилэр, улуус таһымнаах ыйытыыларга бэрэстэбиитэллэр хоруйдаатылар.

Отчуоту истиигэ, дьүүллэһиигэ быйыл урукку сыллардааҕар элбэх киһи кыттыбытын бэлиэтииллэр. Нэһилиэктэр баһылыктарын үлэтин нэһилиэнньэ биһириир.

 

Яина ВЛАСЬЕВА

Читайте дальше