Кини – суут уураахтарын толорооччу, иэстээхтэри ирдэһээччи, суут дьиэлэригэр бэрээдэги көрөөччү. Быһата, кылгастык быһаардахха, бириистэптэр сүрүн соруктарынан суут уурааҕын толоруу, күһэйэн туран толорторуу, суут мунньахтара мэһэйэ суох ыытыллалларын, судьуйаларга, суут мунньаҕын кыттааччыларыгар куттал суоһаабатын хааччыйыы буолар. Оттон эбээһинэстэринэн суут дьиэтигэр бэрээдэги кэһэр дьону административнай эппиэккэ тардыы, иэстээх дьон, тэрилтэлэр күрэппит, кистээбит баайдарын-малларын көрдөөһүн, ирдээһин, суут уурааҕын толорбот тэрилтэлэр салайааччыларын, дуоһунастаах дьону холуобунай эппиэккэ тардыы буолаллар.
Бүгүн, сэтинньи 1 күнэ -Арассыыйаҕа суут бириистэбин күнэ. Бу күн 2009 с. РФ Ыйааҕынан бэлиэтэнэр буолбута. Онон Арассыыйаҕа официальнайдык суут бириистэбин күнэ 14-с сылын бэлиэтэнэр. Манан сиэттэрэн уонна улууспутугар бу отделение толорор соругун, суолтатын билиһиннэрэр сыаллаах биһиги улуууспутугар бу салааҕа үлэлиир дьону билиһиннэрэбит.
Биһиги улууспутугар бу салааҕа аҕыс буолан үлэлииллэр. Отделение салайааччытынан суут старшай бириистэбэ Гаврил Колочев үлэлээбитэ хаһыс да сыла. Кинини сэргэ Дмитрий Павлов, Григорий Аммосов, Григорий Иванов, Серефим Архипов, Анатолий Винокуров, Алексей Морозов бу уустук, эппиэттээх үлэни күннэтэ толороллор.
Биһиги тоҕо эрэ бириистэптэри баан каартабытыттан харчыбытын устан эрэ ылааччы курдук саныыбыт. Ол эрээри, кинилэр баҕа өттүнэн бу дьайыыны оҥорботтор буоллаҕа. Ону сорох дьон өйдөөбөт. Бириистэптэр суут таһаарбыт уурааҕын толорооччу уорган үлэһиттэрэ буоллахтара.
Быйыл улууспутугар суут бириистэптэрэн нөҥүө төһө дьыала толоруллубутун туһунан отдел салайааччытыттан Гаврил Колочевтан сурастыбыт.
Ол курдук, быйылгы сылга 675 мөл. суумалаах 20 тыһыынча дьыала кинилэр толорууларыгар бэриллибит. Онтон 7 тыһыынчата туолан, иэстээхтэртэн 96 мөл. солкуобай төлөнүллүбүт. Саамай элбэх дьыала — биирдиилээн дьон кирэдьиит ылан баран кыайан төлөөбөккө мунньан, бааннарга иэстэрэ элбээн, бааннар суут нөҥүө харчыларын ирдэспиттэр. Билигин бааннартан ураты кирэдьиити биэрэр атын кыра тэрилтэ элбэх, улахан бааннар кирэдьиити биэрэртэн аккаастыыр түгэннэригэр кыһалҕалаах итинник тэрилтэлэргэ киирэн харчы иэстэһэр. Онтон төлүүргэ кэккэ ыарахаттары көрсөн, иэс-күүс элбээн, маннык балаһыанньаҕа тиийээһин баар суол. Гаврил Степанович улуус олохтоохторун иэс харчы ылыаххыт иннинэ, үп-харчы өттүнэн инники туруккутун суоттанан көрүҥ. “Маны мин төһө тлүүр кыахтаахпыный?” диэн толкуйданарга сүбэлиир. Ону сэргэ, харчы иэс ылбыт тэрилтэҕитин кытары дуогабар түһэрсэргитигэр болҕомтолоох буолары умнумаҥ диир.
Сыл аайы суутунан элимиэни анатыы уонна ону төлөөһүнтэн куотунуу көрдөрүүтэ улаатан иһэрэ биллэр. Бу манна суут быһаарыытынан элимиэн төлүүртэн куотунааччыларга миэрэ ылыллар. Бастаан административнай, онтон олох төлөөбөт түгэннэригэр холуобунай да дьыала буолар. Бу категорияҕа иэстээхтэри кытары үлэ эмиэ бириистэптэринэн барар. Элимиэни син биир төлөттөрөллөр. Онон куотунумаҥ!
Маны таһынан араас ыстараабы, страховой усунуоһу, о.д.а. кэмигэр кыайан төлөөбөккө сылдьааччылар дьыалалара бэриллибит кэмтэн аастаҕына, суутунан көрүллэн булгуччу иэс төлөнүллэрин бары билэбит. Бэриллибит болдьоххо кыайан төлөммөтөҕүнэ, эмиэ бириистэптэринэн барарын умнумуохха наада.
Онон туохха, ханна иэстээхпитин билигин “Госуслуга” сыһыарыыга киирэн көрөн, дьыала бириистэптэргэ тиийэрин күүппэккэ төлүүргэ кыһаныаҕыҥ.
Гаврил Колочев ханнык баҕарар бааҥҥа счеттаах киһиттэн харчыны суут бириистэптэрэ эрэ туппаттар, суукка дьыала биэрбит тэрилтэ бааны кытары үлэлэһэн син биир харчытын тутар кыахтаах диир.
Онон доҕоттоор, иэһи-күүһү кэмигэр төлүөҕүҥ. Төлөммөтөх иэс диэн, бука, суоҕа буолуо. Төлөөбөккө сылдьан баран, эмискэ картабытыттан харчыбыт иэспитигэр тутуллубут буоллаҕына эрэ “бабат” диэбэт курдук дьаһаныаҕыҥ.
Яина ВЛАСЬЕВА