Халлааммыт бу аҕыйах хонуктаахха диэри ириэрэ турбут буоллаҕына, бэҕэһээҥҥиттэн  -20 кыраадыска тиийэ тымныйда. Инньэ гынан, уулуссанан тиэхиньикэ да, сатыы да дьон сырыыта күчүмэҕэйдээх буолла. Ол барыта – халтараантан.

Биһиги олохтоох дьаһалтаттан “үөскээбит балаһыанньаны туоратарга туох үлэтэ барарый” диэн ыйыттыбыт. Онно маннык хоруйу ыллыбыт:

– Халлаан эмискэ тоҥорон, онно эбии хаар түһэн, олохтоох дьаһалта өттүттэн ону туоратарга тута кэккэ миэрэлэр ылыллыбыттара. Ол курдук, «Сунтар» МАУ тиэхиньикэтэ нэһилиэк уулуссаларыгар тахсан, халтарааны туоратар үлэни ыыттылар. Ол иһигэр уулуссаларга кумаҕы куттулар. Хата, хаар түһэн, көмө буолла. Билигин балаһыанньа көннө, – диэн Сунтаар нэһилиэгин дьаһалтата иһитиннэрэр.

                                                                    Гаврил АНДРЕЕВ.

Читайте дальше