Алтынньы үһүс өрөбүлүгэр суол хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин идэлээх бырааһынньыктара бэлиэтэнэр. Суол хаһан баҕарар нэһилиэк, улуус инфраструктуратын сайдыытыгар сүрүн суолтаны ылар. Кэнники сылларга суолбут биллэ тубуста, сырыы сыыдамсыйда. Суол-иис тупсара олохпут хаачыстыбата үрдүүрүгэр быһаччы дьайыылааҕа биллэр.
Улууспутугар суол хаһаайыстыбатыгар «Сунтаравтодор», «Сунтарцеолит» уонна «Айан-Суол» бөдөҥ тэрилтэлэр суол сайдыытын туһугар ситиһиилээхтик үлэлэһэллэр. Бүгүн биһиги «Айан-Суол» тэрилтэ үлэтин-хамнаһын билистибит. Тэрилтэ 1993 с. тэриллиэҕиттэн күн бүгүнүгэр диэри 31 сыл үтүө суобастаахтык, үрдүк таһаарыылаахтык суол оҥоруутугар, өрөмүөнүгэр уонна көрүүтүгэр-истиитигэр үлэлии-хамсыы олорор. Кэлиҥҥи кэмҥэ суолу аспаалынан бүрүйүүгэ ылсан үлэлиир. Бүлүү улууһугар 2019-2020 с. 10 км усталаах өрөмүөнү ыыппыта. Онтон 2021 с. 3 км Боотомоойу муостатыгар, 2022-2023 с.с. Устьеттан 10 км суол аспаалыгар үлэлээбиттэрэ. Инники былааннара үгүс, олортон биирдэстэрэ кэлэр 2025 с. 10 км суолу Сиэйэ өттүгэр оҥорууга үлэ барыахтаах. Ону таһынан кэккэ сытар нэһилиэктэргэ ууну хорууга, суол, уулусса өрүмүөнүгэр дьаныардаахтык үлэлииллэр. Маны сэргэ тэрилтэ араас тэрээһиннэргэ, кыһалҕалаахтарга элбэх үбү-харчыны көмө быһыытынан оҥороро хайҕаллаах.
Дириэктэр Владислав Владимирович Крыжановскай 2004 с. тэрилтэни өссө үрдүк таһымҥа таһааран тэтимнээхтик үлэлиир. Билигин тэрилтэ 38 үлэһиттээх, үксэ кэриэтэ эдэрдэр. Кэлэктиип эдэр эрчимнээх, олохтоох үлэһиттэрдээх буолан үлэ-хамнас таһаарыылаах. «Айан-Суол» тэрилтэ улууспут сайдыытыгар социальнай балаһыанньата тупсарыгар төһүү күүс буолар.
«Айан-суол» тэрилтэ арыллыаҕыттан өр сылларга бэриниилээхтик үлэлии сылдьар Александр Саввиновы кытта кэпсэттибит.
– Үтүө күнүнэн, мин 1968 с. Кутанаҕа Фекла Потаповна, Прокопий Григорьевич Саввиновтар дьиэ кэргэҥҥэ алтыс оҕонон күн сирин көрбүтүм. Кутана оскуолатын 1985 с. бүтэрбитим, ол кэннэ аармыйаҕа сулууспалаан кэлэн баран, СПТУ-га сварщик идэтигэр үөрэммитим. Кутанабар бастаан сопхуоска, онтон сопхуос ыһыллыбытыгар 1993 с. Владимир Крыжановскай «Айан-Суол» ТХУо тэрийэригэр паайбын кыттыһан үлэлээн барбытым уонна күн бүгүҥҥэ диэри үлэлии сылдьабын. Бастакы сылларга, өрөбүлэ да суох, сарсыардаттан киэһэ хойукка диэри үлэлиирбит. Ол оннугар сатабыллаах салайааччыбыт Владимир Крыжановскай дьиэбитигэр маспытын-оппутун бүтүөн да иннинэ тиэйтэрэн, уубутун куттаран, аспытын-үөлбүтүн толору хааччыйан, үлэһит аайы дьиэ туттаран, уочаратынан массыыналаталаан олорор-үлэлиир усулуобуйатын тупсарара, хамнас ылыахтаах күммүтүн биир да күн хойутаабакка биэртэлиирэ. Онон биһиги, «Айан-Суол» үлэһиттэрэ, ыһыллыы-тоҕуллуу ыарахан кэмнэрин билбэтэхпит. Кутана, Күүкэй, Элгээйи нэһилиэктэрин суолун, Ботомоойуттан Ньурбаҕа тиийэр, Сунтаарга барар суоллары оҥорбуппут. Бу эҥээр нэһилиэктэр суолларын барыта оҥоһуллубута. Биһиги тэрилтэ үлэһиттэрэ үксүлэрэ хастыы да идэни баһылаабыт дьон буолабыт. Холобур, мин сварщик эрэ үлэтинэн муҥурдаммаппын, суоппар, тракторист, крановщик о.д.а. үлэлэри үлэлээн кэллим. Ити кэмнэргэ тэрилтэбит күүскэ атаҕар турбутун бэлиэтэ элбэх саҥа тиэхинньикэлэммиппит, өрөбүллэммиппит буолар. Саҥа тэриллибит сынньалаҥ кииннэрин кэрийэ сылдьан бырааһынньыктыыр буолбуппут умнуллубат кэрэ түгэннэр буолбуттара.
Суол хаалар кэмигэр туох да бэйэлээх уймаан сылдьыбат Бүлүү Лөкөчөөнүн суолун оҥоһуута 2003 с. саҕаламмыта. 2004 с. от ыйын 27 күнүгэр сатабыллаах салайааччыбыт, аҕабыт курдук саныыр үтүөкэн киһибит баара-суоҕа 59 сааһыгар соһумардык биһиги кэккэбититтэн туораабыта. Саха биир чулуу киһитэ Владимир Макарович мин Кутанабын өссө күүскэ таптыырбар, дойдуга бэриниилээх, эппиэтинэстээх үлэһит буоларбар холобур буолбут киһим. Кини кэнниттэн тэрилтэбитин, аҕатын курдук тырахтарыыс, суоппар үлэтин этинэн-хаанынан билбит уола Владислав Владимирович салайан, Лөкөчөөн суола кэмигэр оҥоһуллан бүппүтэ. Олох сайдар тэтимин батыһан 2019 с. аспаал кутар собуотун ылан, Хампа, Дьөккөн суолугар аспаал куппуппут. Кэнники сылларга Ботомоойуга, Устьеттан 10 км аспаал кутулунна уонна суол көрүүтүгэр-истиитигэр үлэлиибит .
Суол үлэтин таһынан «Айан-Суол» атын социальный эйгэ тэрилтэлэригэр, нэһилиэктэргэ көмөтүн ааҕан сиппэккин диэтэххэ омуна суох.
Түгэнинэн туһанан, тэрилтэм салайааччыларын, бииргэ үлэлээбит, үлэлии сылдьар уолаттарбын суол хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин күнүнэн эҕэрдэлиибин! Чэгиэн-чэбдик доруобуйаны, дьолу-соргуну баҕарабын.
Эдэр сааспыт эрчимин биэрбит «Айан-Суол» оҥорбут суолбут ситэ-хото, сайда турдун!
Суолу тутааччылар бириэмэни, тымныыны-куйааһы аахсыбакка үлэлэрин үтүө суобастаахтык толороллор. Онон кинилэргэ барыларыгар махталбытын уонна идэлээх бырааһынньыктарынан истиҥ эҕэрдэбитин тириэрдэбит.
Алена ИВАНОВА