Сылтан сыл тиэхиньикэ ыытар быраабы ылааччы элбээн иһэр. Онон суоппардар суолга болҕомтолорун күүһүрдүөхтэрин наада. Бу боппуруоска Сунтаардааҕы ГАИ начальнига С.А. Александровы көрсөн аҕыйах боппуруоска эппиэттииригэр көрдөстүм.
– Сахайан Анатольевич, кылгастык бэйэҥ тускунан, бу иннигэр ханна үлэлээбиккиний, Сунтаарга хаһан ананан кэлбиккин сырдата түс эрэ? Бу күннэргэ эһиги сүрүн сыалгыт-соруккут тугуй?
– Мин Горнай улууһуттан төрүттээхпин. Сунтаар улууһугар ГАИ начальнигынан 2022 с. олунньутугар ананан кэлбитим, бу иннинэ Саха сиринээҕи ГАИ анал Батальонугар, Дьокуускай куораттааҕы ГАИ отделыгар сулууспалаабытым. 2015 с. М.К. Аммосов аатынан ХИФУ автодорожнай факультетын бүтэрбитим.
– Бу күннэргэ ГАИ сотрудниктара сүрүн болҕомтону үөрэх кыһаларыгар анаан үлэлииллэр. Ол курдук, атырдьах ыйын 15 күнүттэн балаҕан ыйын 15 күнүгэр диэри «Болҕойуҥ – оҕолор» диэн бүтүн Арассыыйатааҕы үөрэтэр үлэ иккис түһүмэҕэ бара турар. Бу анаммыт үлэ сыала-соруга оҕону суол быһылааныттан харыстааһын, суолга сэрэхтээх буолуутун ситиһии буолар. Ону таһынан сүрүн болҕомто «Бүлүү» федеральнай суолугар буолар, саҥа үөрэх дьыла саҕаланан дьон-сэргэ ааһара элбээтэ. Бу кэмҥэ суоппардары кытта кэпсэтэн, сэрэтэр үлэни ыытыы.
– Бу соругу толорууга хаһыа буолан үлэлиигит, штаккыт толору дуо?
– Биир үөрүүлээх сонуммут диэн, быйыл Сунтаардааҕы ГАИ отделениетыгар 1 штат арыллан, суолга куттала суох буолуутун хааччыйарга анаан биир инспекторынан элбээтибит. Сэттэ ый түмүгүнэн ылан этэр буоллахха, 14 суол саахала таҕыста, ол түмүгэр хомойуох иһин 1 киһи күн сириттэн былдьанна, 19 киһи эчэйдэ. Салгыы маннык суол саахала тахсыбатар диэн эрэнэбит.
– Маны туоратыыга, быһылааны аҕыйатыыга туох сэрэтэр үлэни ыытаҕыт?
– Мин санаабар, бастатан туран, дьон-сэргэ тимир көлө кутталын өйдүөхтээх, кини айанныыр түргэнин, тэхиньиичэскэй туругун учуоттаан айанныыра булгуччулаах. ГАИ инспектордара суол саахала тахсыбатын туһугар оҕолору үөрэх кыһаларыттан саҕалаан иитэр үлэни ыытан, ол кэннэ суоппар идэтин ыларыгар анал эксээмэн ыытан, тимир көлөтүн судаарыстыбаннай учуокка туруоран суолу-ииһи күннэтэ кэтиир, көрөр-истэр. Сүрүннээн сынньалаҥ күннэргэ инспектордар анал күүһүрүү режимыгар киирэн үлэлииллэр. Сайыҥҥы кэмҥэ оҕолор лааҕырдарыгар сылдьан анал үлэлэр бардылар. Ону таһынан ГАИ отделениета олохтоох дьаһалтаны, уопсастыбаннай түмсүүлэри, тэрилтэлэри кытта ыкса үлэлиир. Сунтаар улууһугар суолга куттала суох буолууну хааччыйарга анал хамыыһыйа улуус баһылыгын бастакы солбуйааччыта Н.П. Александров салалтатынан үлэлиир.
Мин санаабар, тимир көлөҕө, суол айаныгар да буоллун барыта сибээстээх. Ол курдук массыына, суол туругуттан саҕалаан суоппар ис туругар тиийэ, кини хайдах ыытарыттан суолга араас балаһыанньа үөскүүр. Суолга сүрүн кутталы итирик суоппар уонна массыына ыытар анал бырааба суох киһи таһаарарын умнуо суохтаахпыт.
– Түмүккэ салайааччы быһыытынан ааҕааччыларбытыгар, улуус олохтоохторугар анаан бэйэҥ баҕа санааҥ?
– Ытыктабыллаах «Сунтаар сонуннара» улуус хаһыатын ааҕааччылара, улуус олохтоохторо уонна ыалдьыттара, суол бары кыттыылаахтара! ГАИ сотрудниктара сүрүн сыалбыт-сорукпут киһи олоҕун уонна доруобуйатын харыстааһын буолар. Дьон сэргэ бэйэ-бэйэҕэ убаастабыллаахтык сыһыаннастаҕына, суол быраабылатын күннээҕи ирдэбил оҥостон сырыттаҕына – куттал суох буолуо диэн эрэнэбит. Бары болҕомтолоох, сэрэхтээх буолуҥ диэн ыҥырабыт!
Иван ЧАГДИНСКАЙ.