Суолга сэрэхтээх буолуу, быраабыланы тутуһуу туһунан сатыы сылдьааччы да, уруулга да олорор киһи өрүү өйдүөхтээх. Кыл түгэнэ киһи дьылҕатын быһаарар!
Суол саахалыгар ордук итирдэр утаҕы иһэн баран, уруулга олоруу, ыксаан утары суолга тахсан биэрии, скоростной режимы, суол быраабылатын тутуспат, сэрэҕэ суох буолуу сүрүн төрүөтүнэн буолар. Ол курдук хомойуох иһин Сунтаар нэһилиэгэр алтынньы саҕаланыаҕыттан, икки киһи өлүүлээх суол саахала таҕыста.
Бары билэрбит курдук халлаан туруга уларыйыытыгар: инчэҕэй хаар түһүүтэ, түүнүн тымныйыытыгар суол туруга муус буолан, халтараан айанныырга улахан мэһэйдэри, суол саахала тахсарыгар төрүөттэри үөскэтэр. Ону таһынан билигин, өрүстэр уонна күөллэр турууларыгар, мууска киирии көҥүллэммэтин уонна сэрэхтээҕин санатабыт. Ол курдук, мууска киирии бобуулаах кэмигэр суоппар административнай эппиэтинэскэ тардыллар: биирдиилээн дьоҥҥо – 3-5 тыһыынча солкуобайга, должностной сирэйдэргэ – 20-50 тыһыынчаҕа, юридическай сирэй – 100 тыһыынчаттан — 1 мөлүйүөн солкуобайга тиийэ ыстараап көрүллэр. Өскөтүн, кини «ИП» быһыытан дьон таһар түгэнигэр, УК 238 ыстатыйатыгар олоҕуран холуобунай эппиэтинэскэ тардыллыан сөп.
Онон сиэттэрэн, суол бары кыттыылаахтарын суол быраабылатын тутуһан, болҕомтолоохтук, сэрэхтээхтик, бэйэ-бэйэни убаастаһан сылдьыҥ диэн ынырабыт.
Сунтаардааҕы ГАИ сулууспата