Халаан уутуттан эмсэҕэлээбит Нам улууһугар Сунтаартан бэҕэһээ көмө айаннаата. Ол курдук, улуус дьаһалтата, тыа хаһаайыстыбатын управлениетын көҕүлээһиннэринэн, хаһаайыстыбалар, биирдиилээн дьон бэйэлэрин көмөлөрүн 12 төбө сүөһүнү ыыттылар.
Ол иһигэр улуус дьаһалтата көҕүлээбит хаһыс да сылын үлэлиир «Үйэлээх ынах» бырагыраама чэрчитинэн эмиэ хас да сүөһү ууга эмсэҕэлээбиттэр хаһаайыстабыларыгар ыытылынна.
Яина ВЛАСЬЕВА