Биһиги, аныгы үйэ дьоно, үөрүүлээх сурахтарынан, сонуннарынан өйбүтүн-санаабытын, олохпутун байытан олоробут. Ол курдук, бу күннэргэ үөрүүлээх сонун Арассыыйаны, өрөспүүбүлүкэни ааһан биһиги Сунтаарбытын тилийэ көттө.
Күндэйэҕэ 1984 с. төрөөбүт, үөрэммит уолбут Евсеев Филипп Александрович механик-суоппарынан сылдьар “Алёша” диэн позывнойдаах танковай экипаһа, Запорожье хайысхатыгар өстөөх механизированнай колоннатын көрсөн, хабыр киирсиһиигэ икки таанканы, алта десантниктардаах бронетранспортеру урусхаллаан, уһулуччу хорсун быһыыны көрдөрөн, Арассыыйа Дьоруойа буолла.
Бу уоттаах сэриигэ сылдьыбыт дьоннорбутуттан Сунтаардар бастакы Дьоруойбут буолар.
“Күндэйэлэр күн сирин көмүскэлигэр” диэн 2005 сыллаахха Дьокуускайга тахсыбыт кинигэбин ааҕан баран, оччотооҕу улуус бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Николай Николаевич Спиридонов: “Бу Чакырдар уһулуччу хорсун сэрииһиттэр эбит” – диэн улахан мунньахтарга этэн турар.
Ол курдук Илиҥҥи сэрииттэн “Японияны кыайыы иһин” мэтээллээх эргиллибит Филипп Андреевич Евсеев сиэнэ Филипп Евсеев Арассыыйа Дьоруойа буолбутунан киэн туттабыт.
Дьоруой уол эһэтэ Евсеев Филипп Андреевич 1927 сыллаах төрүөх, Дьокуускайга “ФЗО”-ҕа үөрэнэ сылдьан, 17 саастааҕар тылланан фроҥҥа барбыт. Эбэтэ Евсеева (Максимова) Мария Мисаиловна сэрии огдооботун быһыытынан куоракка таас дьиэ ылбыта.
Манна Евсеевтэр төрүт-уус сэрииһиттэр диэн этиэхпин баҕарабын. Филипп Андреевич бииргэ төрөөбүт убайа Евсеев Петр Андреевич, Москва көмүскэлигэр сэриилэһэн, бааһыран, “Хорсунун иһин” мэтээллээх эргиллибитэ, Сунтаар улууһун Бочуоттаах гражданинын аатын ылбыта.
Бырааттыы Евсеевтэр иккиэн улахан тутааччылар этэ. Кинилэр туппут дьиэлэрэ билигин да Күндэйэҕэ бааллар.
Манна даҕатан эттэххэ, Филипп ийэтэ Ващенко Людмила Николаевна аҕата Ващенко Николай Прокопьевич Арҕаа фронтан “Хорсунун иһин” мэтээллээх кэлбит. Улахан уҥуохтаах, кыахтаах оҕонньор этэ. Элгээҥҥэ, Аттаах Тумулга Кыайыы күнүгэр көрсүһүүгэ эдэр дьону кытта тэҥҥэ мас тардыһан, күүстэрин үгэнигэр сылдьар уолаттары бэрэбиэркэлэтэлээн турар.
Филипп уолаттартан бастакынан күн сирин көрбүтүгэр аҕата Александр уолугар эһэтин аатын биэрбитэ. Аҕата Александр Филиппович байанайдаах булчут, ааттаах сылгыһыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, ханнык да үлэни кыайа-хото тутар үлэһит бэрдэ этэ. Филиппок уолчаан аҕатыттан элбэхтэ үөрэммитэ. Күндэйэҕэ 7 кылааһы бүтэрбитэ. Кыра эрдэҕиттэн мэник, сытыы этэ. Дьиэбит суол нөҥүө-маҥаа турар буолан билсэ олорор этибит. Дьоно Сунтаарга көспүттэригэр, үөрэҕин улуус киинигэр салҕаабыта.
Билигин Күндэйэҕэ Филипп Андреевич туппут бастакы буруус дьиэтэ биһиктээбит уолун кэтэһэр, күүтэр.
Кыра кылаастарга үөрэппит маҥнайгы учуутала Евсеева Валентина Васильевна, кылааһын салайааччыта Саввинова Альбина Октябриновна уонна бииргэ үөрэммит атастара-доҕотторо, биир дойдулаахтара, халыҥ аймахтара Филипп Александрович хорсун быһыытын Ийэ дойдута, Арассыыйа салалтата үрдүктүк сыаналаабытынан киэн туттабыт. Олоҥхо дойдута Сунтаары өссө үрдүк таһымҥа таһаарбытын уруйдууллар, айхаллыыллар.
Күндэйэ, Аллыҥа, Кириэстээх, Элгээйи, Сунтаар дьоно өрөгөйбүт үрдээтэ, күммүт күөрэйэ таҕыста!
Соргу Дугуй,
Барҕа Доҕуй!
Николай ЕГОРОВ, Күндэйэ.