Сунтаар улууһун култууратын уонна айылгытын салалтатын көҕүлээһининэн «Айымньылаах айан” бырайыак тэриллэн, Амма, Таатта, Мэҥэ Хаҥалас улуустарыгар үлэлээн кэллэ. Ол курдук, айаҥҥа Сунтаар улууһун култуураларын дьиэлэрин салайааччылара Илин эҥэр улуустар култууратын үлэтин-хамнаһын билсэн, уопут атастаһан кэллилэр.
Ону тэҥэ, Дьокуускай куоракка култуура миниистирин Афанасий Ноевы кытта көрүстүлэр. Саҥа миниистир Сунтаар улууһа төрүт култуураны тарҕатыыга, үйэтитиигэ улахан үлэни, кылааты киллэрэ сылдьар улуустартан биирдэстэрэ буолар диэн этиитин сунтаардар үөрэ иһиттилэр.
Бөлөх култуура уонна искусство колледжыгар, Гагарин аатынан култуура киинигэр ыалдьыттаатылар. Саҥа исписэлиистэри үлэҕэ ыҥырдылар, сонун бырайыактары, тэрээһиннэри билистилэр. Амма, Таатта, Мэҥэ Хаҥалас улуустарыгар биир идэлээхтэрэ үөрэ-көтө көрүстүлэр. Үлэ чэрчитинэн араас көрсүһүүлэри тэрийдилэр.
Сунтаардар ордук илин эҥэр улуустар үөрэҕириини кытта ыкса ситимнээхтик, бииргэ үлэлииллэрин сэргээтилэр. Ол курдук, сылдьыбыт улуустарыгар оҕо кыра эрдэҕиттэн култуураҕа сыһыннаҕына сиэрдээх майгылаах киһи үүнэн тахсар диэн санаалаах үлэлииллэр эбит. Бу санааны сунтаардар эмиэ туһаныахха, элбэх оҕоҕо аналлаах тэрээһиннэри тэрийиэххэ диэн санаалаах кэллилэр.
Сылдьыбыт улуустарыгар кэнсиэр тэрийэн, улуустарын култууратын билиһиннэрдилэр. Бырайыак бастакытын тэрилиннэ. Маннык ис хоһоонноох бырайыактар аны уус-уран салайааччыларга тэриллиэҕэ.
Мира АФАНАСЬЕВА