Сунтаар нэһилиэгэр Владимир Павлов аатынан суол хапытаалынай өрөмүөнэ салҕанан бара турар. Бу уулусса “Химия”, “Кэмбинээт” түөлбэтин сүрүн суола буолар. Бу күннэргэ аспаалын кутан саҕалыахтара диэн Сунтаар нэһилиэгин дьаһалтата иһитиннэрдэ. Суол өрөмүөнэ «Развитие транспортного комплекса РС(Я)» диэн өрөспүүбүлүкэ тосхолунан барар. Онон бу бырайыак үбүлээһинин өрөспүүбүлүкэ, улуус, нэһилиэк уйунар. 837 м. аспааллааһыны “Сунтаравтодор” ХЭТ тэрилтэ ылыста. Суол бастакы этабын “Сунтарцеолит” ХЭТ уонна “Сунтар” МАУ тэрилтэлэрэ ыыппыттара.
Бу суол умнаһыгар “Сардаана” уһуйаан, Сунтаар 3 №-дээх орто оскуолата, маҕаһыыннар бааллар. Онон нэһилиэк биир сүрүн суолун өрөмүөнэ балаҕан ыйын 30 күнүгэр диэри түмүктэниэҕэ.
Мира АФАНАСЬЕВА