Сунтаарга урбанньыт күнүн бэлиэтээтилэр

Ыам ыйын 29 күнүгэр бүтүн Арассыыйа үрдүнэн урбаанньыт күнүн чэрчитинэн,Сунтаар урбаанньыттарыгар сүлүөт тэрилиннэ.

Бу тэрээһини Сунтаар улууһун уонна Сунтаар нэһилиэгин дьаһалтата, муниципальнай оройуон муниципальнай сайдыытын управлениета, контрактнай сулууспа, култуура, тыа хаһаайыстыбатын управлениелара, успуорт отдела, ЕДДС сулууспата, Сунтаардааҕы “Мой бизнес” Киинэ тэрийэн ыыттылар.
Сүлүөт аһыллыытыгар Сунтаар улууһун баһылыгын экономикаҕа уонна стратегическай былааннааһыҥҥа солбуйааччы Борис Васильев, Сунтаар нэһилиэгин баһылыга Эдуард Филиппов, Дьаархан нэһилиэгин баһылыга Петр Тимофеев, «Алмазэргиэнбанк» Сунтаардааҕы филиалын салайааччыта Эллада Николаева эҕэрдэлээтилэр уонна улуус бастыҥ урбаанньыттарыгар Бочуотунай грамоталары уонна махтал суруктары туттардылар.

Бу сүлүөккэ Сунтаар урбаанньыттара хамаандаларга арахсан араас күрэстэргэ кытыннылар. Ол курдук балаакка киэргэтиигэ, харгыстаах балаһаны туорааһыҥҥа, «Мистер и мисс» уонна «диджейдэр» күрэхтэһиилэрэ буоллулар.

Балаакканы киэргэтиигэ кыайыыны ылла «Пираты Сунтара» хамаанда (1-кы ырыынак, «Солнечный», «Маяк», «Илгэ» маҕаһыыннар, Вайлберис), 2-с миэстэҕэ тигистэ «Сайдам» маҕаһыын хамаандата уонна — ⁠3 миэстэни ылла «Служебный роман» хамаанда (Дьаархан)
Оттон харгыстаах балаһаны туорааһыҥҥа кыайыыны ылла «Слово пацана» хамаандата ( «Татыйыына» хампаанньатын группата). ⁠2-с миэстэҕэ тигистэ «Пираты Сунтара» хамаанда (1-кы ырыынак, «Солнечный», «Маяк», «Илгэ» маҕаһыыннар, Вайлберис) уонна ⁠3 миэстэни ылла «Ковбои» хамаанда («Тандем» атыы-эргиэн киинэ).

Ол кэннэ «Мистер и мисс» күрэххэ Мистер и Мисс ааттарын ыллылар Артемьев Анатолий (ГК «Татыйыына») уонна Алексеева Саргылана (ГК «Татыйыына»).
Күн түмүгэр буолбут «Диджейдэр» күрэхтэригэр кыайыылаах буолла «Ковбои» хамаанда ( «Тандем»).
Тэрээһин кыттааччылара уонна ыалдьыттара бары астынан, дуоһуйан бардылар.

Дмитрий ЫМЫЧАНОВ

Читайте дальше