Сунтаарга сылын аайы тэриллэр ГО олохтоохтор махталларын ылар

Сунтаар нэһилиэгэр икки күннээх гражданскай оборонаҕа элбэх киһи үлэлээтэ. Олохтоохтор махталлара улахан уонна бу сылын аайы тэриллэр ГО туһунан санааларын маннык үллэстэллэр.

 

Вера Павловна, Томуһукаан түөлбэ   олохтооҕо:

 Биһиги Сунтаарбыт нэһилиэгэр бу «ГО» диэн субуотунньук курдук  хомунуу-тэринии, номнуо хаһыс да сылын ыытыллар, сыыспат буоллахпына саас эмиэ буолара. Оттон мин боростуой, бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор киһи көрүүбэр бу үлүгэр тиэхиньикэлээх дьону, тэрилтэлэри кытта аҥардас кэпсэтиигэ, үлэни торумнуурга баһаам түбүк, хамсаныы наада буоллаҕа. Бу үчүгэй көҕүлээһин. Биллэн, турар аҕыйах күҥҥэ барытын саба тутан быһаарбаккын. Ол да буоллар, аҥаардас маннык үлэ тэриллэн ыытыллара хайҕаллаах дии саныыбын. Олохтоох дьаһалта үлэһиттэригэр уонна саамай сүүрбүт, буор бөҕөнү тиэйбит тиэхиньикэлээх дьоҥҥо, ордук биһиги, кыаммат сааһарбыт дьон, махтанабыт. Бу ГО үтүө үгэс курдук өссө даҕаны тэриллэ турдун уонна мэлдьи даҕаны тапталлаах нэһилиэкпит — биһиги Сунтаарбыт тупсарыгар бары түмсүүлээх буолуоҕуҥ.

Виктор, Анна Михайловтар, элбэх оҕолоох эдэр ыал:

Биһиги, атын улуустан Сунтаарга аймахтарбытыгар сайылаан бу дойдубутугар баран эрэбит. Сунтаарга «тура-тура»субуотунньук буоларын сүрдээҕин сэргии, сөҕө-махтайа истэрбит. Оттон бу сырыыга бэйэбит оруобуна манна баар кэммитигэр арай улахан массыына бөҕө субуллар, ону сөҕөн ыйытыыга «ити сэлиэнньэ иһинээҕи суолларга кумах тиэйэллэр» диэн быһаарбыттара. Инньэ  киэһэ хойукка диэри сырыы бөҕөнү оҥордулар дии. Биһиги улууска холобурун элбэх тиэхиньикэлээх субуотунньук эһиэхэ курдук тэриллибэт ээ. Бу аймахтарбыт ыаллара бэйэтэ КамАЗтаах суоппар, кини «сыл аайы үлэлэһэбин, көхтөөх баҕайытык ааһааччы, тэрийээччилэр итии астаах эбиитин өссө үлэни түмүктээн олохтоох баһылыктан Махтал сурук уонна бородуукта наборун, бэлэх туттаралларыттан киһи сүргэтэ көтөҕүллэр, сүрдээх астык буолааччы» диэн кэпсиирэ истиэххэ да үчүгэй.

Людмила Игнатьева, нэһилиэк олохтооҕо, педагог:

ГО үлэтэ сылын аайы ыытыллааччы. Тэрийэр, үлэлиир дьоммутугар олохтоохтор махтаныах эрэ тустаахпыт. Сунтаарбыт үгүс тэрилтэтэ, чааһынай да улахан тиэхиньикэлээх дьон түмсэн сүүрэн-көтөн үлэ бөҕө барар. Биһиги нэһилиэкпит дьаһалтата, чуолаан баһылыкпыт Эдуард Егорович, бу үлэни бэйэтэ сүрүннээн, үчүгэйдик дьаһайан-тэрийэн ыытара үгэс курдук буолла. Онон бу күһүҥҥү ГО-бут икки күнүгэр сүүрбүт-көппүт бар дьоммутугар улахан махталбытын тириэрдэбит.

Юлия-Айархаана АЛЕКСЕЕВА.

Читайте дальше