Бэҕэһээ, атырдьах ыйын 7 күнүгэр Сунтаар олохтоохторо Октябрина Трофимова, Анастасия Максимова уонна Василий Петров Лесной аннынан үс оҕону ууттан быыһаатылар.
Бу күн киэһэлик Октябрина Вячеславовна балтын Анастасияны кытта оҕолорун сөтүөлэтэ киирбиттэр.
Октябрина Трофимова: «Бииргэ төрөөбүт балтыбынаан оҕолорбутун уонна сиэммин илдьэ өрүскэ оҕолорбутун сөтүөлэтэ киирбиппит. Сиэммин хаартыскаҕа түһэрэ сылдьан балтым Настя миигин ыҥыран хаһыытыырын истибитим. Бэйэтэ ууга киирэн эрэр этэ. Ууга кыыс оҕо: “Быыһааҥ” -диэн ууттан тимирэ-тимирэ күөрэйэригэр хаһыытыырын көрбүтүм. Оҕоҕо сүүрэн киирбиппит. Балтым кыыска тиийбитэ дириҥ баҕайы эбит этэ. Тимирэн эрэр оҕону тутан ылбытыгар көмөлөөн тардан ылбыппыт. Ууга өссө икки оҕо баар этэ. Кыыс уонна отой кыра уол оҕо. Аттыбытыгар чугас улахан дьон сылдьаллар этэ. Эр киһи сүүрэн кэлэн ууга киирэн уоллаах кыыһы таһаартаабыта. Кытыыга таһаартаабыппыт кэннэ төрөппүттэрэ сүүрэн кэлбиттэрэ».
Василий Иванович быһылааны бу курдук ахтар: «Оҕолор эрдэ үс буолан сылдьыбыттара. Кыра уол өссө бастаан хаайтарбыт ууга сылдьара. Биирдэ өйдөөбүтүм ууга түһэ сатыы сылдьаллар этэ. Биир дьахтар кинилэргэ сүүрэн кэлэн киирбитин көрбүтүм. Оҕолортон орто кыыс хаһыытаабытын истэн, онно сүүрэн кэлэн таһаарбыттар этэ. Мин үөскэ сылдьар икки оҕоҕо харбаан киирбитим. Эдьиийэ уолу кууһа сылдьар этэ. Тиийэрбэр ыытыһан отой тимирэн эрэллэрэ. Иккиэннэрин кууһан ылаат, кытылга таһаартаабытым».
Биһиги ортобутугар маннык хорсун, уолуйан турбат дьон баарыттан үөрэбит. Бу түгэҥҥэ Октябрина, Анастасия, Василий уолуйан турбакка, кэмигэр сөптөөхтүк дьаһана охсоннор, улахан алдьархай тахсыбата.
Төрөппүттэр, улахан дьон, бука диэн оҕолоргутун бэйэлэрин эрэ сөтүөлэтэ ыытымаҥ. Баар да түгэҥҥитигэр бэйэлэрин эрэ ууга киллэримэҥ, чугас аттыларыгар көрө-истэ сылдьыҥ. Ууга былдьаныы кыл түгэнэ буоларын өйдөөн, оҕолоргутун тэйиччиттэн манаабакка, аттыларыгар сылдьарга кыһаллыҥ.
Марфа ИВАНОВА