Улууспутугар «Мин докумуоннарым» элбэх хайысхалаах киин үлэлээбитэ номнуо 10 сыла бэлиэтэннэ. Бу киин судаарыстыбаннай уонна муниципальнай көрүҥнээх, элбэх өҥөнү оҥорууга, дьон-сэргэ олоҕор көмө-тирэх буолар. Оттон бүгүн үлэ-хамнас туһунан Сунтаардааҕы «Мин докумуоннарым» элбэх хайысхалаах киин салайааччытын Елена Федорованы кытары кэпсэттибит.
– Елена Андреевна, тэрилтэ билигин хас үлэһиттээҕий? Сүрүн үлэҕит туһунан ааҕааччыларга билиһиннэриэххэ.
– Үтүө күнүнэн, «Мин докумуоннарым» элбэх хайысхалаах киин улууска 2014 сылтан арыллан үлэтин саҕалаабыта. Маҥнай утаа киин 8 үлэһиттээх этэ, салайааччынан Анастасия Уарова үлэлээбитэ. Билигин уопсайа 7 үлэһиттээхпит. Олор истэригэр 1 салайааччы, 2 сүрүннүүр исписэлиис, ону тэҥэ 4 исписэлиис нэһилиэнньэ олоҕун чэпчэтэргэ сүбэ-ама, күүс-көмө буолабыт. Үлэбит сүнньүнэн дьон наадыйар докумуоннарыгар, мунаахсыйар боппуруостарыгар сайабылыанньалары тутан, тустаах тэрилтэлэргэ утааран, бэлэм буолбут докумуону хаһаайыттарга тиксэрэбит.
– Урукку сыллардааҕар өҥөнү оҥоруу хайысхата билигин төһө уларыйан турарый?
– Эрдэ кумааҕы үөһэ кумааҕы хомуйан тутар эбит буоллахпытына, билигин докумуоннары судургутук электроннай көрүҥүнэн ылабыт. Аан бастаан тэриллэрбит саҕана нэһилиэнньэҕэ уопсайа 20 өҥө оҥоһуллар этэ, оттон билигин ол ахсаана 213-кэ тиийдэ. 10 сыл устата биирдиилээн дьон уонна тэрилтэлэр олус элбэх докумуон туттаран регистрациялаттылар.
– Дьон ордук ханнык докумуоннарга, боппуруостарга көмөҕө наадыйарый?
– Үксүн 14 саастарын туолбут оҕолорго уонна кыраныысса таһыгар тахсар пааспары, олорор аадырыс оҥорторооһунугар сайыбылыанньа киирэр. Маны таһынан социальнай пуонда өҥөтүгэр аҕам саастаах дьон босхо бырайыаска, үлэ бэтэрээннэригэр дьиэ-уот, коммунальнай өҥө төлөбүрүгэр харчынан толуйууга көмө ылыахтарын сөп. Маны сэргэ араас хайысхалаах дуогабардарга уо.д.а. сүбэ-ама буолабыт.
– Кэлиҥҥи кэмҥэ докумуон эргиирэ электроннай көрүҥҥэ көһөн, нэһилиэнньэ тустаах араҥата араас өҥөнү төлөпүөн, көмпүүтэр нөҥүө туһанар буолла. Ол эрээри, үгүс дьон сатаабат буолуон эмиэ сөп. Маныаха эһиги кииҥҥитигэр маннык ньыманан үлэлииргэ көмөлөһөҕүт дуо?
– Биһиги кииммитигэр кэлбит килийиэн олорон эрэ үлэлииригэр бэлэм көмпүүтэрдэр бааллар. Манна биһиги исписэлиистэрбит ыйан-кэрдэн, сүбэ-ама биэриэхтэрин сөп. Ол эрэн, килийиэннэри «түннүк» нөҥүө ыҥыран туһааннаах көмөнү оҥорорго дьулуһабыт. Биһиги үлэбитигэр ити ордук көдьүүстээх. Дьон бириэмэтин харыстыыр сыалтан, уһун уочарата суох чопчу бириэмэҕэ ыҥыран, нэһилиэнньэ туох докумуоҥҥа наадыйарын оҥорон биэрэбит. Олох араас түгэнигэр киһи быраабын, сууту-сокуону билбэтэ үгүс. Ол иһин манна тиийинэн олоруу алын кээмэйигэр хапсыбат дьоҥҥо, элбэх оҕолоох ыалга, аҕыйах ахсааннаах норуокка, доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо, сэрии бэтэрээннэригэр уонна анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр босхо юридическай көмө эмиэ оҥоһуллар.
– Эһиги кииҥҥит үлэһиттэрэ Сунтаар иһигэр эрэ буолбакка, атын да нэһилиэктэргэ баран көмө оҥорор этилэр. Улуус киинигэр кыайан киирбэт дьоҥҥо ити олус табыгастаах уонна туһалаах диэн бэлиэтии көрөбүн. Бу туһунан кылгастык сырдатыаҥ дуо?
– Билигин улахан нэһилиэктэргэ Тойбохойго уонна Элгээйигэ ыйга уопсайа 4 сырыы оҥоробут. Оттон атын нэһилиэктэргэ сырыы суох. Ол эрэн, нэһилиэк олохтоох дьаһалтата тырааныспарынан хааччыйар буоллаҕына, сайаапка киирдэҕинэ тахсыахпытын сөп.
Киин көмөтүнэн туһанааччылар санаалара:
Тамара Федотова, учуутал:
– Биһиги Күүкэй нэһилиэгиттэн кэлэн олоробут. Быйыл сайын эбэбит Турцияҕа баран сынньанан кэллэ. Ол курдук, кини үлэлээбэт биэнсийэлээхтэр 2 сылга биирдэ босхо бырайыастарын туһанаары докумуон толорсо сылдьар. Маннык киин баара олус үчүгэй. Бачча бадарааҥҥа тэрилтэттэн тэрилтэҕэ сылдьыбакка, бириэмэни сүтэрбэккэ барытын биир сиргэ кэлэн быһааттарар олус табыгастаах. Эбэбит эрдэ атыыһытынан үлэлээбитэ, билигин сынньалаҥҥа олорон сиэннэрин көрсөн, биһиэхэ олус көмөлөһөр.
Дмитрий Климов, Сунтаар олохтооҕо:
– Мин госуслугабар парольбун умнан, хаттаан оҥотторо кэллим. Манна пааспар уонна СНИЛС наада. Бу иннинэ, уһаайбам докумуонун оҥотторбутум. Сэттэ уон сэттэ тэрилтэни кэрийэ сатаабакка, манна кэлэн оҥотторор быдан түргэн уонна чэпчэки. Бу киин баара олус үчүгэй.
Бу курдук, «Мин докумуоннарым» элбэх хайысхалаах киин исписэлиистэрэ идэлэрин толору баһылаабыт, үрдүк таһымнаах, киэҥ билиилээх, дьоҥҥо-сэргэҕэ эйэҕэс сыһыаннарынан күүс-көмө буолалларыттан киһи эрэ үөрэр.
Елизавета ТИТОВА