Сунтаарбыт улууһун биир биллэр-көстөр урбаанньыта, уопсастыбанньык Надежда Львова саҥаттан саҥа бырайыактары олоххо киллэрэн, улууспут сайдыытыгар үлэлэһэ сылдьар дьонтон биирдэстэрэ диэтэхпинэ сыыспатым буолуо. Ол курдук, былырыын баччаҕа кырачаан оҕолорго аналлаах бырайыага — «Үтүлүк” кинигэ тахсыбыта. Оттон быйыл «Маайыс уонна эһэ» диэн кинигэни ааспыт ыйга Дьокуускай куоракка, бүгүн улууспут киинигэр С.А.Зверев Кыыл-Уолун аатынан норуот айымньытын киинигэр сүрэхтээтилэр. Кинигэ 1100 ахсаанынан, үс араас кээмэйинэн Москва куоракка бэчээттэммит. Остуоруйаҕа баар кыысчаан эһэтин уобараһа Надежда Григорьевна аҕатын хаартыскатыттан уруһуйдаммыт. Оттон Маайыс кыысчаан култуура эйгэтигэр үлэлиир Евдокия Сивцева оҕо эрдэҕинээҕи хаартыскатыттан таҥаһыгар-сабыгар тиийэ хайдах баарынан ойууламмыт. Кинигэ ойуутун Горнайтан төрүттээх худуоһунньук Снежана Милютина уруһуйдаабыт, тылбааһын Сунтаартан Сардаана Омукова, ис тутулун таҥааһынын Сунтаар кыыһа Лена Семенова оҥорбуттар. Кинигэ кыра ааҕааччы болҕомтотун тардар дьэрэкээн ойуулардаах, тыла-өһө өйөдөнүмтүө, тутарга-хабарга табыгастаах.
Бу үөрүүлээх күн улууспут баһылыгын социальнай боппуруостарга, имидж бэлиитикэтигэр солбуйааччы Гаврил Еремеев, «Матери России» түмсүү кыттыылаахтара, о.д.а. эҕэрдэ тылларын, үтүө баҕа санааларын эттилэр. Тэрээһини кырачаан ааҕааччылар эҕэрдэ хоһооннорунан, ырыаларынан сэргэхситтилэр. Надежда Григорьевна Сунтаардааҕы оҕо бибилэтиэкэтигэр уонна элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ саҥа тахсыбыт кинигэни бэлэх уунна. Кэлбит ыалдьыттар остуоруйа дьоруойдардаах фотозонаҕа хаартыскаҕа хатаннылар, минньигэс тордунан күндүлэннилэр.
Остуоруйа оҕо саҥарар саҥатын байытар, толкуйдуур дьоҕурун сайыннарар, майгытын-сигилитин иитэр айылгылаах буолар. Онон доҕоттоор, дьиэ кэргэнинэн бииргэ ааҕарга бу сахалыы тыллаах-өстөөх буруолуу сылдьар кинигэни ылан ааҕыах.
АЛЕНА ИВАНОВА