Сунтаарга көҥүл тустуунан дьарыктаныы суох эрдэҕинэ, дьон-сэргэ хапсаҕайдаһан тустууну олус сэргииллэрэ, кыанар, сылбырҕа, күүстээх, кытыгырас дьону уос номоҕо оҥостон кэпсииллэрэ. Нэһилиэктэр аайы итинник дьон элбэх этэ. Ол курдук, норуот өйүгэр-санаатыгар Күүстээх Ньукулаайап-Андрей Николаев (Кутана, Хаҥалас), Күүстээх Күүрүнэп-Прокопий Гуринов (Күндэйэ), Күүстээх Бытыкыев-Дмитрий Бытыкыев (Хадан, сэрии бэтэрээнэ), Күүстээх Сахаарап-Георгий Захаров (Хадан, биллиилээх тустуук Альберт Захаров аҕата) о.д.а. уос номоҕо буолан хаалбыттар.
Көҥүл тустуу Саха сиригэр бастаан тарҕанарын саҕана хапсаҕайдаһан тустууга абылаппыт дьон бу тустууну маҥнай кэрэхсии көрбөтөхтөрө. Хапсаҕайдаһыы – бүдүрүттүҥ да бүтэр. Ол иһин буолуо, киһитин көбүөргэ охторо сытан, аны саннын лаппаахыларынан сыһыараары киирсиилээх тустууну дьиибэргээбиттэрэ, “аата, баттаһа сылдьан биликтэһэн хааллахтарай” дииллэрэ. Ол эрээри, саҥа үгүс албастардаах көҥүл тустуу дьон кэрэхсэбилин ылан барбыта. Спортсментан систиэмэлээх эрчиллиини, өйдөөхтүк сылыктаан хапсыһыыны, кыайыы туһугар дьулуурдаах, булугас өйдөөх буолууну эрэйэр көҥүл тустууну сотору бары таптаабыттара.
1954 с. саҕалаан Саха АССР успуордун кэмитиэтин салайааччытынан саҥа ананан кэлбит Николай Тарскай тэрийиитинэн киин куораттартан үөрэхтэрин бүтэрэн кэлбит Василий Румянцев – Дьокуускайга, Дмитрий Коркин – Чурапчыга, Кирилл Григорьев – Бүлүүгэ көҥүл тустуу дьарыктарын үлэлэппиттэрэ. Бу биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр көҥүл тустууну аан маҥнай тарҕатыы, ыҥырыы этэ.
Өрөспүүбүлүкэ успуордун кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Николай Тарскай ыҥырыытынан, Сунтаар оройуонугар көҥүл тустууну үөрэтэ, тарҕата, методика өттүнэн көмөлөһө Москваттан И. Морозов диэн ССРС успуордун маастара, нуучча бухатыыра кэлэ сылдьыбыта, нэһилиэктэргэ көҥүл тустуу дьарыктара тэриллэллэригэр анал методическай көмөнү оҥорбута. Көҥүл тустуу стойкаҕа, партерга албастарын, быраабылаларын үөрэппитэ, сэминээрдэри тэрийэн ыыппыта. Көҥүл тустуу оройуоммутугар тарҕанарыгар, сайдарыгар олус көмөлөспүтэ.
1955 с. Сунтаарга физкультура учуутала Семен Зедгенидзев көҥүл тустуунан дьарыктаныыны саҕалааабыта. Онон кини Сунтаарбыт оройуонугар көҥүл тустууну бастакынан тарҕаппыт киһинэн буолар. Семен Александрович оскуолаҕа үлэлиир сылларыгар элбэх ыччат успуордунан умсугуйуулара саҕаламмыта. Киниэхэ дьарыктаммыт оҕолортон салгыы Дьокуускайга баран Николай Волковка дьарыктанан үрдүк кылаастаах спортсменнар тахсыбыттара. Холобур, Альберт Захаров, Владимир Данилов, Алкивиад Иванов о.д.а.
Көҥүл тустууну оройуоҥҥа тарҕаппыт дьонтон биирдэстэринэн Степан Сон буолар. 1959 с. Элгээйигэ физкультура учууталынан ситиһиилээхтик үлэлээбитэ. Оройуоҥҥа оччолорго саҥа үөдүйэн эрэр көҥүл тустууну оскуола оҕолорун дьарыктарыгар, уруоктарга киллэрбитэ. 50-с сыллар бүтүүлэригэр Сунтаарга көҥүл тустуу сайдыыта саҕаланыытыгар Степан Александрович бэйэтин дьулуурун кыаҕын биэрбитэ. Кини тэрийбит тустуутун оскуолатыттан куорсун анньынан тахсыбыттара – ССРС успуордун маастардара уонна кандидаттара Владимир, Петр Поповтар, Альберт Захаров, Владимир Данилов, Николай Иванов, Анатолий, Яков Амбросьевтар, В.Уаров о.д.а.
Оройуоҥҥа көҥүл тустууну тэрийсибит дьонтон биирдэстэринэн Николай Софронов буолар. Кини Маар Күөлтэн төрүттээх, ССРС успуордун маастара, үтүөлээх тириэньэр.
Онтон Хочо нэһилиэктэригэр көҥүл тустууну тарҕаппыт, тэрийбит киһинэн олимпиец Алкивиад Иванов аймаҕа Петр Яковлев буоларын Хочо дьоно бары билэллэр. Элбэх ыччаты ииппит-үөрэппит тириэньэринэн билинэллэр.
Тустуу историятыгар сахалар Арассыыйа, ССРС, Аан дойду көбүөрдэригэр ситиһиилээхтик кытталларыгар биһиги бөҕөстөрбүт биллэр-көстөр оруоллара үрдүү турдун.
Валерий ЕГОРОВ,
РФ орто уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна.
Хаартыскаҕа хаҥастан уҥа: В.Егоров, В.Степанов, В.Сорокоумов, В.Федоров, И.Морозов, В.Данилов. 1982 с. И.Морозов Дьокуускайга конференцияҕа кэлэ сырыттаҕына.