Балаҕан ыйын 30 күнүттэн биһиги улууспутугар саха түөлбэ хомуһун сайдыытыгар аналлаах тэрээһиннэр буолан ааста.

«Саха хомуһун үгэстэрин үйэтитии» диэн өр сыллаах бырайыак үлэтэ быстан хаалбакка күн бүгүн салҕанан бара турар. 2005 сыллаахтан саҕаламмыт кэскиллээх дьоһун саҕалааһын быйылгыттан өссө биир үктэл үрдүк кэрдиискэ таҕыста. Хомус аан дойдутааҕы киинин Сунтаардааҕы филиала диэн уопсастыбаннай тэриллии С.А.Зверев — Кыыл Уолун аатынан улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтигэр баар буолла.
Бу күннэргэ Элгээйигэ С.А.Зверев аатынан фольклор түмэлигэр буолбут нэһилиэк тэрилтэлэрин салайааччыларын уонна уопсастыбаннаһын муспут тэрээһиҥҥэ нэһилиэк дьаһалтатын баһылыгын солбуйааччы Аркадий Самойлов кэлэн, тэрээһин кыттыылаахтарыгар күргүөм көхтөөх үлэни баҕарда. Саха хомуһун устуоруйатын туһунан киэҥник сырдатан биир дойдулаахпыт, Хомус аан дойдутааҕы киинин филиалын салайааччыта Антонина Никитина кэпсээтэ. Түмэл сэбиэдиссэйэ Ксения Семенова өссө 2006 сыллаахха улууска оскуола оҕолоругар аан маҥнай тэриллибит НПК уонна «Дьүрүһүй, сахам хомуһа» бэстибээл туһунан бэрт интэриэһинэй сырдатыыны оҥордо. Оччолорго маннык тэрээһин улуус хомуһун устуоруйатыгар биллэр-көстөр кылаатын киллэрбит С.А.Зверев-Кыыл Уолун ансаамбылын хомусчуттарын аатын үйэтитэр, хомус тардыытын үгэстэрин утумнуур үлэҕэ олук охсубута. Ол саҕана чөкө эрээри, ылар суолтатынан улахан саҕахтары арыйар тэрээһиҥҥэ кыттыбыт оскуола оҕолорун хаартыскалара билигин бу музейга көрдөрүүгэ тураллар. Итини сэргэ, нэһилиэк урукку-хойукку хомусчуттарын кэпсиир истиэндэлэр, хомус туһунан литература тардылынна. Бу күннээҕи хомус тула түмсүүгэ нэһилиэк тэрилтэлэриттэн, уопсастыбаннай түмсүүлэртэн 40-тан тахса киһи кыттыыны ылла, саха хомуһун туһунан киэҥ кэпсэтиини тарта.
Антонина Никитина бэйэтэ муспут хомустарын көрдөрүүгэ туруорда уонна филиал инники былааннарын билиһиннэрдэ. Итинтэн салгыы хомус тэрээһинэ Элгээйи нэһилиэгин оҕо ускуустуба оскуолатыгар үлэтин салҕаата. Фольклор учуутала Анна Чярина хомуска дьарыктыыр оҕолорун кытта көрсүһүү, саха хомуһа фортепьянаҕа аналлаах айымньыларыттан быһа тардан, оҕолор толорууларын истии буолла. Барыта 20-чэ үөрэнээччи, 7 учуутал көхтөөхтүк кытыннылар.
Бу күн эбиэт кэннэ нэһилиэк култууратын дьиэтигэр саха хомуһун тардыыга улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтин исписэлииһэ Туяра Алексеева маастар-кылаас биэрдэ, Антонина Никитина сыыйа тардыы уустуктарын туһунан көрдөрөн-иһитиннэрэн кэпсээтэ.
Алтынньы 2 күнүгэр Тойбохой нэһилиэгэр хомус үлэтэ «Кыталык» култуура дьиэтиттэн саҕаланна. Манна үлэ сүнньүнэн «Үнүгэс», «Дьүрүйээнэ» хомус ансаамбылларын салайааччыта Надежда Павлова, кулууп уус-уран салайааччыта Наталья Еремисова, хореограф Мария Семенова, аккомпаниатор Иван Иванов, Тойбохойдооҕу Г.Е. Бессонов устуоруйаны уонна кыраайы үөрэтэр музей-комплексын педагога Н.Никитина, Сунтаардааҕы (Тойбохой) детдом оҕону кытта үлэтин сүрүннүүр исписэлииһэ Сахаяна Егорова, олохтоох библиотека сэбиэдиссэйэ Татьяна Митрофанова, Г.Е. Бессонов аатынан орто оскуола директоры иитэр үлэҕэ солбуйааччыта Петр Уаров, хореограф Станислав Николаев кэпсэтиигэ кытыннылар.

Үлэ иккис түһүмэҕэ орто оскуола аактабай саалатыгар ыытылынна. Антонина Никитина саха хомуһун туһунан сэргэх сэһэнин, былыргы хомустарын кэллиэксийэтин көрдөрөн кэпсээнин 5-9 кылаастартан 18 үөрэнээччи сэргээн иһиттэ. Оҕолор арааһы ыйыттылар, хомустары тутан-хабан көрдүлэр. Былырыыҥҥы ыһыахха хомус тардан иккис үрдэл буолбут алтыс кылаас үөрэнээччилэрэ Дайаана Понохова, Дайаана Иванова, Максим Третьяков, Сережа Иванов хомус тардан иһитиннэрдилэр, доҕотторун, учууталларын махталын туттулар. Бу оҕолор кэнники сылларга ыытыллар буолбут хомус олимпиадатын кыттыылаахтара, республика призердара буолаллар. Тэрээһини директоры тэрийэр үлэҕэ солбуйааччыта П. Уаров, саха тылын уонна литературатын учуутала Т.Михайлова иилээн-саҕалаан ыыттылар.

Туяра АЛЕКСЕЕВА,

Кыыл Уолун аатынан норуот айымньытын киинин
фольклорга исписэлииһэ

Читайте дальше