Сунтаарга өрөспүүбүлүкэтээҕи хапсаҕай күрэҕэ

Сарсын, муус устар 6 күнүгэр Сунтаар улууһа Өрөспүүбүлүкэ бастыҥ хапсаҕайдьыттарын көрсөрөгө бэлэм. Икки күннээх сытыы киирсиилэрдээх күрэхтэһиигэ 400-тэн тахса хапсаҕайдьыт кыттарга бэлэмин биллэрдэ. Бу күннэргэ спортсменнар кэлитэлии тураллар. Түһэр сирдэрин, киирсии буолар сирин билсэллэр. 75 киилэттэн аллараа уонна үөһээ ыйааһыннарга икки муҥутуур (абсолютнай) кыайыылаах быһаарыллыа. Бастыҥтан бастыҥ, чулуу спортсменнарга Сунтаар улууһун уран маастардара бэлэмнээбит бриллиант таастаах курдарын уонна 100 тыһ.солк харчынан бириис утары уунуохтара. Ону таһынан, күүстээх хамаанданы туруорбут улуус ааттаныа. Кинилэргэ эмиэ харчынан сертификат туттарыахтара. Бу күрэхтэһии түмүгүнэн хапсаҕай федерациятын кубогын киирсиилэригэр кыттар путевка ылыахтара. Көбүөргэ 57, 65, 75 ,85, 95 кг диэри уонна 95-тэн үөһээ ыйааһыннаахтар, ону таһынан бэтэрээннэр тахсыахтара. Хас биирдии кыайыылаахха саха быһаҕын уонна уонна Сунтаар улууһа бэлиэтин, мэтээл туттарыахтара. Онтон  хапсаҕай успуордун сүгүрүйээччилэрэ бөҕөстөртөн сытыы киирсиилэри күүтэллэр.

Мира АФАНАСЬЕВА

Читайте дальше