Сунтаарга — «Өбүгэлэр оонньуулара»

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, И.С. Иванов аатынан Сунтаар 2-с №-дээх оскуолаҕа “Өбүгэлэр оонньуулара” диэн Сунтаар улууһун агропрофилированнай оскуолаларын үөрэнээччилэригэр улуустааҕы спортивнай этно-бэстибээл буолан ааста.

Бу күрэх сылын аайы ыытыллар, быйыл Cунтаар, Бордоҥ, Уһун Күөл, Куокуну уонна Күндэйэ оскуолаларын хамаандалара кытыннылар.

Кыайбыт хамаанда ахсынньы 18 күнүгэр Дьокуускай куоракка ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи «Өбүгэлэр оонньуулара» күрэххэ кыттар чиэскэ тиксэр.

Ол курдук, бүгүн оҕолор олоҥхоҕо, тутум эргииригэр, «ойбонтон уулааһыҥҥа», «көтөх ынаҕы туруорууга», «түргэн наартаҕа», «кириэс тэбиигэ», хабылыкка, хаамыскаҕа уонна чыысхайга күрэстэстилэр.

Күүрүүлээх киирсии кэнниттэн Бордоҥ оскуолатын хамаандата эрэллээх кыайыыны ситистэ.

Дмитрий ЫМЫЧАНОВ

Читайте дальше