Сунтаарга дуэттар куоҥкурустара: музыка уонна доҕордоһуу бырааһынньыга

Бүгүн, сааскы сандаархай күҥҥэ, Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, өрөспүүбүлүкэҕэ Оҕо саас сылларыгар аналлаах улуустааҕы «Лейся, песня» вокальнай дуэттар куоҥкурустара буолан ааста.

Тэрээһиҥҥэ 17 учуутал үөрэнээччитинээн кыттыыны ыллылар. Сунтаардааҕы санаторнай оскуола саалата өрөгөйө үрдээн, дьон астынан-дуоһуйан тарҕаста. Дьүүллүүр сүбэ састаабыгар Сунтаар үөрэҕин салалтатын информационнай-методическай отделын исписэлиистэрэ Татьяна Жиркова, Маргарита Попова, Сунтаардааҕы оҕо искусствотын оскуолатын учуутала Зоя Уарова, Сунтаардааҕы гимназия педагога Алена Сергеева, «Березка» уһуйаан музыкальнай салайааччыта Наталья Констанитонова, Сунтаардаҕы санаторнай оскуола алын кылааһын учуутала Эльмира Григорьева киирдилэр.

Кыттааччылар кыайыы эрэ иһин буолбакка, талааннарын билиниигэ күрэхтэстилэр. Дьүүллүүр сүбэ сөптөөх быһаарыыны ылынарга хас биирдии ырыаны болҕомтолоохтук иһиттэ. Куоҥкурус кыттыылаахтара ырыаларынан көрөөччү кутун туттулар. Хас биирдии дуэт бэйэтин ураты айымньылаах дьоҕурун, бэйэтин хатыламмат энергиятын көрдөрдө.

Дьүүллүүр сүбэ түмүгү таһааран, кыайыылаахтары наҕараадалаатылар. Ол курдук куоҥкурус түмүгэ маннык буолла:
III истиэпэннээх диплом – Новикова Екатерина Ильична, Петрова Вероника, Түбэй;
II истиэпэннээх диплом – Алексеева Марта Антоновна, Колесов Артем, Күүкэй;
I истиэпэннээх диплом – Попова Клавдия Николевна, Тихонова Айвита, Тэҥкэ;

III истиэпэннээх лауреат – Новикова Галина Васильевна, Яковлева Вика, Сунтаар алын сүһүөх оскуолата;
II истиэпэннээх лауреат – Лобашков Михаил Михайлович, Глухарева Анита, Бүлүүчээн;
I истиэпэннээх лауреат – Федотова Виктория Витальевна, Егорова Коломбиана, Элгээйи;

Кылаан кыайыылааҕынан буоллулар Николаева Мария Спиридоновна, Аммосов Ваня, Сунтаардааҕы санаторнай оскуола.

«Лейся, песня» вокальнай дуэттар куоҥкурустара бары кыттааччыларга уонна көрөөччүлэргэ чаҕылхай түгэнинэн, музыка уонна доҕордоһуу бырааһынньыгынан буолла.

Сунтаардааҕы үөрэҕирии управлениетын пресс-сулууспата.

Читайте дальше