Сунтаарга дьоҥҥо көмөлөһөр киин аһылынна

Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит “Демография” национальнай бырайыак иһинэн 5 федеральнай бырайыак үлэлиир. Ол иһигэр «Аҕам саастаах көлүөнэни өйүүр, олоҕун хаачыстыбатын тупсарар» бырагыраама чэрчитинэн араас хабааннаах үлэ ыытыллар.

Бүгүн, ыам ыйын 30 күнүгэр, Сунтаар улууһун социальнай харалта тэрилтэтигэр саастаах дьоҥҥо, инбэлииккэ тахсаары сылдьар уонна кылгас кэмҥэ кыһалҕаҕа киирбит дьоҥҥо туһалыахтаах тиэхиниичэскэй тэриллэри уларсар киини аста.

Тэрээһиҥҥэ улуус дьаһалтатын баһылыгын социальнай уонна имиджевай политикаҕа солбуйааччы Гаврил Еремеев, Сунтаар нэһилиэгин баһылыга Эдуард Филиппов, социальнай управление салайааччыта Михаил Тимофеев, Сунтаардааҕы поликлиника сэбиэдиссэйэ Виктория Данилова уонна инбэлиттэр уопсастыбаларын салайааччыта Наталья Максимова кэлэн кытыннылар, маннык пуун аһыллара олус наадалааҕын эттилэр.

СӨ Үлэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтэ үлэлэһэр анал бырагыраамалырынан быйыл биһиги улууспутугар 4 кэлээскэ, 5 костыль, 4 ходунок, 9 торуоска, барыта 22 устуука кэллэ. Бу «Демография» национальнай бырайыак чэрчитинэн барар үлэ.

Сыаната күҥҥэ 2 солкуобай 78 харчыттан 24 солк 31 харчыга диэри буолар.Тэриллэри уларсар балаһыанньаларын, сыаналарын туһунан информация барыта анал истиэндэҕэ оҥоһуллан ыйаммыт.

Киин аһыллаатын кэннэ бастакынан Владимир Максимов туттар тэрили уларсан астынна.
Бу барыта дьон кыһалҕалаах кэмигэр туттарыгар, кинилэр наадаларыгар мэһэйэ суох сылдьалларыгар, олохторун тупсаралларыгар туһуланар.

Уларсар киин аадырыһа Сунтаар, Ленин уул. 20, 2-с этээс. Билсэр төл. +7 (411) 352-22-75.

Дмитрий ЫМЫЧАНОВ

Читайте дальше