Быйыл Сунтаар улууһун үрдүнэн 316 оҕо оскуола боруогун маҥнайгытын атыыллаатылар. Саамай элбэх үөрэнээччи В.Павлов аатынан Сунтаардааҕы алын сүһүөх оскуолатыгар 135 оҕо бастакы кылааска киирдэ. Санатан этэр буоллахха, оскуола быйылгы үөрэх дьылыгар тэриллибитэ 35 сылын бэлиэтиир. Онтон нэһилиэктэринэн этэр буоллахха, саамай элбэх оҕо Тойбохой оскуолатыгар 1 кылааска 16 үөрэнээччи үктэннэ. Бастакы кылааска соҕотох эрэ үөрэнээччилээх оскуолалар эмиэ бааллар. Ол курдук, Илимнииргэ, Туойдаахха, Тэҥкэҕэ , Сунтаардааҕы коррекционнай оскуолаҕа бастакы кылааска биирдии эрэ үөрэнээччилээхтэр. Бу күн хас биирдии бастакы кылааска киирбит оҕоҕо сахалыы истиллээх күннүктэри (дневник) бэлэх ууннулар.
“Биир ньыгыл Арассыыйа” партия көҕүлээһининэн ыытыллар “Собери ребенка в школу” аһымал аахсыйаҕа Сунтаар улууһа эмиэ кыттыста. Бу аахсыйа чэрчитинэн элбэх оҕолоох уонна СВО кыттыылаахтарын бастакы кылааска барар оҕолоругар үөрэнэр мал-сал туттардылар. Аахсыйаҕа элбэх тэрилтэ кыттыста. Надежа Львова биллэр уопсастыбанньык, урбаанньыт “Маннык үтүө соруктаах аахсыйаларга ”Корона” фирма мэлдьи кыттыһар. Ол курдук биһиги тэрилтэ 20 оҕоҕо үөрэнэр мал-сал арааһын бэлэмнээн тустаах дьоҥҥо туттардыбыт. Оҕолор мэлдьи билиигэ-сырдыкка тардыстыннар, үөрэхтээх дьон буола улааттыннар”.
Бу күнтэн саҕалаан кырачаан үөрэнээччилэрбитин саҥа арыйыылар, саҥа билиилэр, саҥа саҕахтар күүтэллэр.
Мира АФАНАСЬЕВА