«Грассио» диэн күндү тылынан итальянец күтүөппүт Джиованни Джераччи урууларын эҕэрдэлии, бастакы сандалытыгар ыҥырда. Айталина — Бордоҥтон төрүттээх, «Хитачи» фирмаҕа бизнес менеджеринэн үлэлиир кэрэ кыыспыт Барселонаҕа Джиованнины көрсөн, сүрэхтэринэн сөбүлэһэн ыал буолан эрэллэр.
Күндү күтүөтү дьонугар билиһиннэрэ Сунтаарга илдьэ кэлэн, ытык дойдутун көрдөрдө, саха култууратын билиһиннэрдэ. Күтүөтү көрсүү туомугар Джиованни бэйэтэ эмиэ сахалыы сайбаччы таҥнан биһигини олуһун долгутта. Сунтаар ытык сирдэрин олус сөҕө-махтайа көрбүтүн туһунан истиҥник санаатын үллэһиннэ. Күндү киһини көрсүүгэ ыһыах түһүлгэтин Туос моҕол ураһатыгар саха аһа амсайылынна, саха оонньуута, ырыата-тойуга өрө көтөҕүлүннэ. Бу барыта ыһыаҕы санатта. Эһиил баччаларга аны Барселонаҕа эдэрдэр уруу малааһыннара тэриллиэҕэ. Ол онно алгыспытынан тиһиллибит дьол ситиитэ харысхал буолан эдэр дьоҥҥо күүс-күдэх биэриэҕэ, алгыһы иҥэриэҕэ! Дьоллоох, дьоһун-мааны ыал буолуҥ!
Тускулаана ГОРОХОВА-КОБЕЛЬЯНОВА.