Сунтаардар Дьоруой уолларын Дьокуускайга чиэстээтилэр

Балаҕан ыйын 6 күнүгэр Дьокуускай куоракка Профсойуустар дьиэлэрин мунньахтыыр саалатыгар Арассыыйа Дьоруойун, биир дойдулаахпытын Филипп Евсееви кытары истиҥ көрсүһүү буолан ааста.

Көрсүһүүгэ Сунтаартан төрүттээх, куоракка олорор, үөрэнэр, үлэлиир дьон муһунна. Ол курдук, бу тэрээһиҥҥэ биһиги күөн туттар бас-көс дьоммут Александр Акимов, Александр Уаров, Петр Ефремов, Калистрат Кириллин, Андрей Никифоров уо.д.а. уолбутун кэлэн эҕэрдэлээтилэр. Ону тэҥэ Филипкэ Климент Иванов илдьит тылын тиэртилэр.

Дьоруойу чиэстиир истиҥ көрсүһүү саҕаланыытыгар Сунтаар нэһилиэгин баһылыга Эдуард Филиппов уонна Күндэйэ баһылыга Иван Константинов Филипп Евсеев туһунан сиһилии билиһиннэрэн сырдаттылар, кини туһунан кэпсээтилэр.

Бу соторутааҕыта Филипп Евсеев дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путины кытта көрсүһүү кэмигэр Сунтаар кытылын бөҕөргөтүүнү, ыччат пааркатын тутууну туруорсубутун туһунан кэпсээбитэ. Бу Филипп Александрович дойдутун туһугар ис сүрэҕиттэн  кыһалларын туоһута буолар.

Ил Дархан Айсен Николаев быһаарыытынан, Филипп Евсеев дьиэ кэргэнигэр Дьокуускай куоракка үс хостоох кыбартыыра биэрэллэригэр сорудахтаабытын эттилэр.

Бу күн Дьоруойга анаан элбэх үтүө тыл этилиннэ, киниэхэ икки нэһилиэк – Сунтаар уонна Күндэйэ – бочуоттаах олохтоохторун аата иҥэрилиннэ. Сунтаар улууһун дьаһалтата 5 мөл. солк. туоһу суругу туттарарын эттэ, күндэйэлэр убаһа бэлэхтээтилэр.

Маны сэргэ Филипп, кэргэнигэр Светланаҕа уонна уолугар Арылхаҥҥа үгүс-элбэх үтүө тыл этилиннэ, кэлбит дьон тус сэмэй бэлэхтэрин туттардылар.

Бу көрсүһүүгэ биир дойдулаахпыт анал байыаннай дьайыыттан уоппускаҕа кэлэ сылдьар Валерий Ивановка Ил Дархан Айсен Сергеевич анал саха быһаҕын туттардылар. Санатан эттэххэ, Филипп Евсеев уонна Валера Иванов анал байыаннай дьайыыга Сунтаар нэһилиэгин дьаһалтатыгар үлэлии сылдьан барбыттара.

Эдуард Егорович уолаттарбытыгар анал көмө оҥоһулларын туһунан тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Уонна ыччат паарката тутуллан киирдэҕинэ, Филипп Евсеев аатын иҥэрэр туһунан эттэ.

Бэрт сотору Филипп Евсеев байыаннай чааһыгар барыахтаах. Онон сиэттэрэн, дойдутугар Сунтаарга кэлэ сылдьара кыаллыбат буолбут. Кини бэйэтэ этэринэн, “кэлин өр буола тиийиэм” диир.

Бу күүтүүлээх көрсүһүүнү Сунтаар нэһилиэгин баһылыга Эдуард Филиппов, Күндэйэ баһылыга Иван Константинов уонна Сунтаар землячествотын салайааччы Николай Обоюков көҕүлээн, тэрийэн ыыттылар.

Дьоруойдуун сирэй көрсүһүүгэ мустубут биир дойдулаахтарбыт уолбут олус сэмэйин, холкутун көрөн астыннылар, этэҥҥэ сылдьарыгар баҕа санааларын эттилэр. Бу курдук тэрээһин бэрт истиҥ, сылаас тыыҥҥа ааста.

“Сунтаар сонуннара” хаһыат.

Читайте дальше