РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээһининэн олоххо киирбит «Демография» национальнай бырайыак чэрчитинэн дойду үрүдүнэн «Содействие занятости» бырайыак үлэлээбитэ балачча кэм буолла. Бу бырайыак профессиональнай уонна эбии үөрэхтээһин тэрилтэлэригэр нэһилиэнньэ тустаах араҥата идэни босхо баһылыырыгар кыах биэрэр.
Сунтаардааҕы технологическай колледж бу бырайыакка киирсэн үлэлээбитэ номнуо хаһыс да сыла. Быйылгы үөрэх дьылыгар чопчу ханнык идэлэргэ үөрэтэн эрэллэрин уонна бырайыагынан маннык үөрэхтээһиҥҥэ кимнээх хабыллар кыахтаахтарын туһунан биһиэхэ колледж профбэлэмнээһиҥҥэ салаатын салайааччыта Альбина Михайлова кэпсиир:
– Быйылгы үөрэх дьылыгар профессиональнай үөрэхтээһиҥҥэ 8 бырагырааманан сүүмэрдээһини ааһаммыт, Сунтаар улууһун олохтоохторугар үөрэхтэри саҕалаатыбыт. Урукку сылларга бу бырагырааманан сыбаарсык, повар идэлэригэр үөрэнэн уопсайа 30-тан тахса киһи идэ ылбыта. Быйыл ювелир уонна повар идэлэригэр босхо үөрэҕи саҕалаатыбыт. Бу бырайыак бырагырааматынан үөрэхтээһиҥҥэ 50-тан үөһээ, биэнсийэҕэ тахсыан иннинээҕи саастаахтар, анал байыаннай дьайыыга суох буолбут байыас дьиэ кэргэниттэн, үлэтэ суох олорор эдэр ийэлэр үөрэниэхтэрин сөп.
Ол курдук, билигин ювелир идэтигэр 6, повар идэтигэр 9 киһи үөрэнэ сылдьар. Өссө эбии электрик, погрузчик суоппара, силиэсэр идэлэригэр үөрэтэргэ эбии квота көрдөөн олоробут.
«Содействие занятости» бырайыак сыала-соруга нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутугар, үлэтэ суохтары билиҥҥи кэмҥэ ордук ирдэнэр идэни баһылаан үлэ булалларыгар туһуланар. Үөрэнии босхо, федеральнай үбүлээһининэн хааччыллар буолан, дьон үөрэнэригэр тоҕоостоох, идэ ылалларыгар толору кыаҕы биэрэр. Кэнники сылларга бырайыак көдьүүһүн үгүс дьон бэлиэтииллэр.
Марфа ИВАНОВА.