Сунтаардааҕы олоҕу-дьаһаҕы хааччыйар хаһаайыстыба 65 сыла

Бүгүн, ыам ыйын 31 күнүгэр Сунтаардааҕы олоҕу-дьаһаҕы хааччыйар коммунальнай хаһаайыстыба өрөгөйдөөх 65 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтээтэ.

Тэрилтэ үлэһиттэрэ бу күн мустан, водокачка сиригэр балаакка туруорунан, ас эгэлгэтин бэлэмнээн көрүстүлэр.
Үөрүүлээх үбүлүөйү бэлиэтиир тэрээhин саха сиэринэн кэлбит дьону алҕааһынтан, арыылаах алаадьынан, кыынньар кымыһынан күндүлээһинтэн саҕаланна. Салгыы улуус баһылыгын бастакы солбуйааччы Николай Александров, Сунтаар нэһилиэгин баһылыга Эдуард Филиппов, олоҕу-дьаһаҕы хааччыйар тэрилтэ профсойууһун бэрэссэдээтэлэ Михаил Никулин, ОДьКХ Сунтаардааҕы филиалын дириэктэрэ Михаил Петров уонна тэрилтэ экономикаҕа управлениетын салайааччыта Туяра Николаева эҕэрдэ тыллары эттилэр, бастыҥ үлэһиттэри кытта бэтэрээннэри наҕараадалаатылар.

Ырыалаах-тойуктаах бэрт сэргэх эҕэрдэ кэнсиэр, толору астаах сандалы кэннэ балаакканы туруоруу, киэргэтии көрүү күрэһэ буолла. Ону тэҥэ успуорт оонньуулара саҕаланнылар. Ол курдук, мас тардыһыыга хапсаҕайга, буулдьанан ытыыга, кубик хомуйуутугар, о.д.а көрүҥнэргэ илин-кэлин түсүһүүлээх бэрт сэргэх, көхтөөх күрэстэр мустубут дьону сэргэхситтилэр.

Дмитрий ЫМЫЧАНОВ

Читайте дальше