Сунтаардааҕы филиал үлэһитэ бастаата

Үлэ таһымын сайыннарарга, билиини-көрүүнү кэҥэтэргэ үлэһит киһи араас таһымнаах куурустарга, куоҥкурустарга кыттара туһалаах, таһаарыылаах эрэ буолар.
Ол курдук Үөһээ Бүлүүгэ СӨ ОДьКХ ГУТ Бүлүү бөлөхтөрүн филиалларыттан сварщиктар күрэхтэстилэр. Манна Сунтаардааҕы филиал 7 №-дээх хочуолунайын үлэһитэ Юн Егоров кыттан кыайыылаах үрдүк аатын ылан кэллэ.
Юн Викторович күрэхтэһии туһунан санаатын үллэстэр:
— Муус устар 6 күнүгэр Үөһээ Бүлүүгэ техникум үбүлүөйүн чэрчитинэн бу күрэхтэһии тэрилиннэ. Былырыын маннык күрэхтэһиигэ Дьокуускайга кыттыбытым эрээри онно миэстэҕэ тиксибэтэҕим. Бу Үөһээ Бүлүүгэ ыаллыы улуустарбытыттан Ньурба, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү уонна Сунтаартан уопсайа түөрт сварщик күрэхтэстибит. Үс чаас иһигэр сорудаҕы толорон сваркалаатыбыт. Тэрээһиниттэн бары да астынныбыт. Маннык күрэхтэһии билиини тургутарга, сатабылы сөпкө туһанарга уонна уопут эбиллэригэр саарбахтаммат. Бастакы миэстэ буолан кубогынан уонна тэлэбиисэринэн наҕараадаланным.
Эдэр киһиэхэ өссө даҕаны уопута эбиллэн, үүнэн-сайдан үлэтин таһыма үрдээн иһэригэр баҕарабыт, кыайыытынан эҕэрдэлиибит!

Юлия АЛЕКСЕЕВА

Читайте дальше