«Сунтаар улууһа (оройуона)» муниципальнай оройуон дьаһалтатын уонна улуус дьокутааттарын Сэбиэтин ааттарыттан Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо саас, Сунтаар улууһугар Аҕам саастаахтарга ытыктабыл сылларыгар анаммыт Сунтаар улууһун алгыс ылар Ытык Ыһыаҕы ыһар күммүт үүммүтүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит!
Саха киһитэ аҕыс ыйдаах тымныы кыһыны этэҥҥэ туораан, Ийэ айылҕаҕа махтанан, өрөгөйө үрдээн Улуу тунах, уйгу-быйаҥ күннэринэн кыынньыбыт кымыһынан, саҥыйахтаах алаадьынан Аал уот нөҥүө Үрдүкү Айыылартан көрдөһөн-ааттаһан Аар айылҕатын аһатар. Ыһыах сүрүн суолтата — алгыс. Үрүҥ күн Орто туруу бараан дойдуга чугаһаан, сир-дойду силигилии ситэн, Айыылар үтүө харахтарынан көрөр кэмнэрэ — бэс ыйа. Бу кэмҥэ Сахабыт сирин бары улуустарыгар, нэһилиэктэригэр Ытык Ыһыах ыһыллар. Алгысчыттар арыалдьыттарын, битииһиттэрин кытта Алгыһы көтөхсөн, бар дьоннорун араҥаччылыыллар.
Арҕаһыттан тэһииннээх аһыныгас Айыы хаан аймаҕа, көхсүттэн көнтөстөөх көмүскэс Күн улууһун дьоно буоларбыт быһыытынан, сиэри-туому толорсон аламай маҥан күнтэн күүс ылан, бары сомоҕолоһон санаабытын-онообутун түмэн Анал байыаннай дьайыыга сылдьар эр бэртэрбитигэр өй-санаа бөҕөргүүрүн, күүс-уох олохтонуутун, саха сатабылын, этэҥҥэ буолууну төрөөбүт төрүт дойдуларыттан ыытыаҕыҥ, төлкөлөөх түөрэҕи олордуоҕуҥ! Орто дойду олугун түстэнэн эппитигэр-сииммитигэр эрчим, өйбүтүгэр-санаабытыгар уох эбинэн уйгубутун-быйаҥмытын үксэтиэҕиҥ!
Сунтаар улууһун ытык-мааны олохтоохторо уоннакүндү ыалдьыттара, өбүгэбит ситимин быспакка, Эллэй эһэбит үгэһин утумнаан, саҥа кэми кытта тэҥҥэ хардыылаан, дойдугут аатын ааттатан сириэдийэ силигилээҥ! Үрүҥ күн үтүөтүн тутуһан, Үрүҥ былыт үктэллээх Үрүҥ Айыы Тойонтон үүннэнэн-тэһииннэнэн үүнүҥ-чэчирээҥ! Өрөгөй-талаан арылыннын, үрүҥ илгэ үрүлүйэ сүүрдүн, дьол-туску тосхойдун!
Анатолий ГРИГОРЬЕВ, «Сунтаар улууһа (оройуона)» муниципальнай оройуон баһылыга, Ульяна ПОПОВА, улуус дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ