“Дойдум миэнэ Сунтаарым
Уотун куруук саныыбын
Сунтаар сылаас кутаатын
Түөспэр илдьэ сылдьабын…”
“Бу манна дойдубар,
Бу манна Сунтаарбар
Оһуокай дуорайар,
Эһиэкэй эҥсиллэр….”
“Сунтаарым, мин дойдум,
Алгыспын аныыбын,
Ыралаах ырыабар
Эйигин туойабын.
Сүрэҕим күүһүнэн
Курдаттыы таттаран
Сунтаарбар, эйиэхэ
Сотору эргиллиэм…”
Төрөөбүт дойдуга тапталы, ахтылҕаны араастык көрдөрүөххэ сөп. Ким эрэ хоһооҥҥо хоһуйар, ким эрэ күүстээх үлэнэн, ким эрэ ырыа айан көтүтэр. Айар куттаах дьоммут төрөөбүт дойдуга таптал туһунан ырыа арааһын айан хаалларбыттарын билигин да уостан түһэрбэккэ ыллыы сылдьабыт. Ханнык эрэ ырыаны үйэлэргэ хаалларабыт, ханнык эрэ ырыаны күнүнэн умнабыт. Бу матырыйаалга дьон кутун-сүрүн туппут үйэлээх ырыалар хайдах айыллан тахсыбыттарын туһунан ырыа ааптардарын кытта кэпсэттибит. Хас биирдии ырыа бэйэтэ туспа кэпсээннээх, сэһэннээх буолан биэрдэ…
Сунтаарым мин дойдум. Алгыспын аныыбын
Наталья Михалева-Сайа тыллара, Валерий Коротов – матыыба
Валерий Коротов ырыа айааччы, СӨ култууратын туйгуна, спорт, сцена бэтэрээнэ, Сунтаар улууһун бочуоттаах олохтооҕо. Эдэр сааһыттан ырыа алыптаах эйгэтигэр куустарбыта. Ол курдук, Валерий Коротов төрөөбүт дойду, таптал иэйиитин, спорт туһунан ырыаларын дьон сөбүлээн ыллыыр. Наталья Михалева-Сайа тылларыгар “Алгыспын аныыбын” ырыата Сунтаар улууһун официальнайа суох гимнэ буолан, уостан түспэккэ ыллланар. Валерий Коротовы кытта “Алгыспын аныыбын” диэн ырыа хайдах түгэҥҥэ, кэмҥэ айыллыбытын туһунан кэпсэтэн турардаахпын. Ол кэпсэтиибитин таһаарабыт: “Алгыспын аныыбын” диэн ырыам матыыба эрдэ баар этэ. Наталья Михалеваҕа-Сайаҕа 17 сүһүөхтээх төрөөбүт дойдуга таптал туһунан хоһоонно айан биэр диэбиппэр кини 15 сүһүөхтээх хоһоон айан биэрбитэ. Аан бастаан бу ырыаны РТС кулуубугар ыытыллыбыт “Сааскы дьэргэлгэн” ырыа күрэһигэр ыллаабытым. Бу күрэххэ анаан айыллыбыт ырыа диэххэ сөп. Дьон билигин “Алгыспын аныыбын” диэн ырыа аатын “Сунтаарым, мин дойдум” диэн ааттыыр буолла. Бу ырыабын таһаарар туһуттан хас гастрол, кэнсиэр аайы ыллыыр этим. Тутатына дьон олус сөбүлээбитэ. Билигин Сунтаар күөрэгэйэ Людмила Акимова-Спиридонова бу ырыаны киин сирдэринэн ыллаан норуокка биллэрдэ. Бу ырыа туһунан биир түгэни олус истиҥник саныыбын. Ол курдук, 90-с сыллар бүтүүлэрин диэкки “Айан-суол” ол саҕанааҕы генеральнай директора Владимир Крыжановскай улахан тэрилтэлэр көрсүһүүлэригэр сылдьан, атын улуустар бэйэлэрин дойдуларын туһунан ырыа арааһын ыллыылларын истибит. Онтон Сунтаардар ыллаабакка олорон хаалбыттар. Онтон хом санаалаах кэлэн “Алгыспын аныыбын” диэн ырыа тылын суруттаран ылбыт. Уонна тэрилтэтин дьонугар үөрэтэргэ санаммыт”.
Билигин “Алгыспын аныыбын” диэн ырыаны оҕотуттан кырдьаҕаһыгар диэри бары билэллэр диэтэхпинэ сыыспатым буолуо. Бу аата ырыа норуот билиниитин, тапталын ылбыта буолар.
Сунтаар ахтылҕана
Николай Чуор – тыллара, Саргын Баҕатаан – матыыба.
Саргын Баҕатаан – Кэбээйиттэн төрүттээх Сунтаар күндү күтүөтэ. СӨ култууратын туйгуна, СӨ ырыаны айааччыларын сойууһун чилиэнэ, Сунтаар улууһун бочуоттаах олохтооҕо. Ырыаны суруйууга 1980 с. холонор. Билигин 30-тан тахса ырыа ааптара. “Сунтаар ахтылҕана” диэн ырыаны 2006 с. дьоллоох Дьокуускай куоракка айаннаан иһэн айыллыбыта диэн кэпсээнин саҕалаата: “Мин дойду ахтылҕаныгар анаабыт 10-ча ырыалаахпын. Олортон биирдэстэрэ иккис дойду оҥостубут Сунтаарбар анаабыт “Сунтаар ахтылҕана” диэн Николай Чуор тылларыгар, бэйэм матыыппар ырыам буолар. Дьокуускай куоракка сунтаардар көрсүһүүлэрэ мэлдьи өрө көтөҕүллүүлээхтик ааһар буолара. Киин куораппытыгар дойдуларыттан тэйбит дьон сылга биирдэ ыытыллар тэрээһиҥҥэ тоҕуоруһа мустара. Айаҥҥа айыллыбыт, саҥа буруолуу сылдьар ырыабын бастаан бу сунтаардар көрсүһүүлэригэр толордум. Тутатына бу ырыам хит буолла. Дьокуускайга олорор Сунтаардар дьоро күннэригэр миигин Сунтаартан анаан минээн самолетунан бырайыаспын төлөөн туран ыҥыттаран бу ырыаны ыллатааччылар. Мин саныахпар бу ырыа дойдуларыттан тэлэһийбит дьон ахтылҕанын ырыата. Ол иһин да буолуо, киэҥ нэлэмэн дойдубут араас муннуктарыгар олорор биир дойдулаахтарбыт бу ырыаны харах уулаах истибэппит диэн этэллэр. Тапталы хоһуйбут лирик поэт Николай Чуордуун тапсан үлэлиирбит. Кини хоһоонноругар хас да ырыалаахпын. “Сунтаар ахтылҕана” ырыабын кини хоһоонноругар айыллыбыт ырыалартан саамай табыллыбыттартан биирдэстэрэ диэн поэт эппитэ бу миэхэ саамай улахан хайҕабыл. Дойдуга, ийэҕэ таптал бу баар саамай улахан иэйии…”
Түүҥҥү Сунтаар
Родион Амонов-тыллара, Кытай омугун ырыатын матыыба
Родион Амонов Сунтаар солбуллубат аранжировщига. Бэйэтэ дьоҥҥо-сэргэҕэ сөбүлэппит ырыалардаах, омук ырыаларын сахатытар, саҥа талааннары киэҥ эйгэҕэ таһаарар махталлаах дьарыктаах. СӨ култууратын туйгуна, Сунтаар нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо. “Түүҥҥү Сунтаар” ырыата ыччат дьон кутун туппут ырыалартан биирдэстэрэ. Бу ырыаны 2003 с. таһаарбыта. “Бу ырыа хоһоонун бэйэм айбытым онтон эдьийбэр Екатерина Егороваҕа көрдөрөн чочуйтарбытым. Матыыба китайскай ырыа. Бастаан “Уолан” диэн бэйэм айбыт бөлөхпөр ырыа диэн толкуйдаабытым. Ол гынан баран, бэйэм Сахалита диэн кыыһы кытта ыллаан көтүппүтүм. Кэлин Розалина Файрушиналыын толорор буолбутум. Бэйэтин кэмигэр Саха сирин киин радиостанцияларыгар хит буолбут ырыа. Ол иһин “Таптал долгуна” диэн улахан хомуурунньук кэнсиэргэ кыттыны ылбыппыт. Билигин Диана Ивановалыын бу ырыаны толоробун. Биллэн турар, “Түүҥҥү Сунтаар” дуэкка анаммыт ырыа буолар.”
Сунтаар миигин ыҥырар
Леонид Попов – тыллара
Иван Иванов – матыыба
Виктор Иванов-Сиэйэ уола саха куттаах бүттүүнэ сөбүлээн истэр ырыаһыта. Сунтаар Уола ама дойдутун туһунан ырыата суох буолуо дуо?… Сааһыттан тутулуга суох, Сунтаар эрэ дьонун-сэргэтин буолбакка, Саха сирин дьонун кутун-сүрүн туппут “Сунтаар миигин ыҥырар” ырыата айар аартыгын тэлбит ырыалартан биирдэстэрэ буолар. Бу ырыа Сиэйэ Уолун толорор ырыаларын репертуарыгар баар буолбута туспа кэпсээннээх буолан биэрдэ: “Бу ырыаны мин оскуолаҕа сылдьан бииргэ үөрэнэр кыыһым баянынан доҕуһуоллатан толорорун истэрим. Онтон куоракка үөрэхпин бүтэрэн баран, 2007 с. “Айтал” бөлөх биир сүрүн музыкана Михаил Перетертовка бу оҕо сааһым ырыатын тэтимин эбэн уонна дэгэрэҥнэтэн биэр диэн көрдөспүтүм. Онтон оҥорон биэрбитин кэннэ баҕарбытым курдук буолбута. Бу ырыаны эдэр да эмэн да дьон сөбүлээбиттэрэ. Атын улууска да сырыттахпына бу ырыаны толор диэн көрдөһөллөр.”
“Сунтаар миигин ыҥырар” ырыаҕа 2013 с. клип оҥоһуллубута. Манна Виктор Иванов-Сиэйэ Уола бэйэтин улахан уола уһуллубута. Клипка борбуйун тутан эрэр уолугар эдэр аҕа биһигин көтөхпүт, улааппыт дойдутун билиһиннэрэр, историятын кэпсиир, кэрэ айылҕатын көрдөрөр. Сиэйэ Уола баҕарбытын курдук билигин уолаттара аҕаларын дойдутун кытта сибээһин быспаттар. Мэлдьи кэлэн сайылыыллар, дьонноругар, аймахтарыгар үлэҕэ күүс-көмө буолаллар. Бу буоллаҕа көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ бэриллэр дойдуга таптал күүһэ.
2019 с. Людмила Акимова-Спиридонова Леонид Попов 100 сааһыгар уонна бэйэтин 60 сааһыгар сөп түбэһиннэрэн өр кэмҥэ ыра гыммыт баҕа санаатын толорон “Сунтаар миигин ыҥырар” диэн Сунтаар улууһугар анаммыт 100 ырыа киирбит диискэ-хомуурунньугун таһаарбыта. «Дуораан» муз. студияҕа таҥмыта, тэҥнээһинин (мастеринг) биир дойдулаахпыт музыкант Евгений Тазетдинов оҥорбута. “Ырыалары хомуйааһыҥҥа Анна Тотонова салайааччылаах улууспут ырыа айааччыларын түмсүүтэ үлэлэспитэ.
Бу матырыйаалы бэлэмниирбэр Сунтаар туһунан ырыа элбэҕэ сөхтөрдө. Бииртэн биир кэрэ тыллардаах, истиҥ иһирэх матыыптардаах ырыалар кутуллан тахса тураллар. Ырыаҕа ылламмыт, хоһооҥҥо хоһуллубут Сунтаар айар куттаах дьоно дойдуларыгар таптала муҥура суох.
“Сунтаартан ырыа кэһиилээх” кинигэ матырыйаала
туһанылынна.
Мира АФАНАСЬЕВА