Балаҕан ыйын 12-16 күннэригэр Сахабыт сирин тэбэр сүрэҕэр Дьокуускай куоракка “Вместе мы — Россия” диэн бүтүн дойду, Арассыыйа үрдүнэн норуот төрүт култууратын уонна үгэстэрин улахан бэстибээлэ ыытылынна.
Бу бэстибээлгэ барыта 300-чэ киһи Арассыыйа 12 эрэгийиэниттэн кытынна. Ол курдук, Красноярскай, Забайкальскай кыраайтан, Татарастан, Хакасия, Тыва Өрөспүүбүлүкэлэриттэн, Иркутскай, Новосибирскай, Томскай, Сахалин, Магадан, Кемеров уобаластарыттан кыттыыны ыллылар. Конференция кыттыылаахтарыгар иис-уус маастардар быыстапката, төгүрүк остуол, ыллыыр-туойар, айар-тутар дьоҕурдаах кэлэктииптэр кэнсиэрдэрэ тэрилиннэ. Балаҕан ыйын 15 күнүгэр куйаар ситиминэн (телемост) нөҥүө “Многонациолнальная семья России” диэн девиһинэн улахан түмүк кэнсиэр Луганскай норуодунай Өрөспүүбүлүкэни кытары Саха сирэ “Культура РФ.” порталга уонна олохтоох тэлэбидиэнньэҕэ быһа холбонон көһүннэ. Бу бэстибээлгэ биһиги улуустан Элгээйи нэһилиэгиттэн “Дьүһүйүү” норуодунай фольклорнай кэлэктиип салайааччы Евдокия Захарова уонна С.А.Зверев — Кыыл Уолун аатынан улуустааҕы норуот айымньытын киинин үлэһиттэрэ Туйаара Алексеева, Александра Яковлева кытыннылар.
Бэстибээл сүрүн сыала эдэр ыччат төрүт үгэһи харыстыырыгар, дойдуга бэриниилээх, өй-санаа өттүнэн туруктаах буолалларыгар иитэр суолталаах сүдү бырайыак буолар. Махталбытын тиэрдэбит Өрөспүүбүлүкэтээҕи норуот айымньытын киинигэр чуолаан Александра Васильеваҕа, Сунтаар улууһун култууратын уонна айылгытын саламтатын салайааччытыгар Саргылаана Омуковаҕа, С.А.Зверев-Кыыл Уолун аатынан УНАК салайааччытыгар Алексей Седалищевка.
Александра ЯКОВЛЕВА,
С.А.Зверев-Кыыл Уолун аатынан
фольклор исписэлииһэ