Сунтаар улууһун (оройуонун) Сэбиэтигэр Томуһукаан, Хомустаах быыбардыыр уокуруктарыгар дьокутаакка кандидат ЯКОВЛЕВ ВЛАДИМИР ИВАНОВИЧ: «ТҮӨЛБЭМ ТУПСАРЫГАР, ДОЙДУМ САЙДАРЫГАР!»

«Киһи дойдутунан – дойду киһитинэн» диэн өс хоһооно этэринии, биһиги дойдубут сайдыытыгар сүҥкэн оруолу ылабыт. Ол да иһин үлэһит быһыытынан уһаарыллан, салайааччы быһыытынан сайдан, аны дойдубар аҥардас үлэм эйгэтинэн эрэ буолбакка уопсастыбаннай өттүнэн, бары эйгэнэн хабан сайдарыгар көмө буолар сыаллаах Улуус дьокутаатыгар туруннум. Бар дьонум итэҕэллэрин ылан, талыллар түгэммэр олоҕу тупсарыыга маннык үлэлэри ыытарга ылсыам этэ:

  1. Хомустаах түөлбэтигэр оскуола-уһуйаан тутуллуутун түргэнник киллэриигэ үлэлэһии;
  2.  Томуһукаан түөлбэтигэр култуура уонна успуорт киинин тутуутун туруорсуу;
  3.  Икки түөлбэ мөлтөх туруктаах суолларын өрөмүөн былааныгар киллэрии, болҕомтону күүһүрдүү;
  4.  Ууну түһэрии үлэтин ыытыы, сөптөөх былааннаан үлэ барарын туруорсуу (бастатан туран, «изыскание» үлэлэрин бырайыактааһын);
  5.  Уот боппуруоһа, трансформатордары күүһүрдүү;
  6. Уулуссалар уоттарын тупсарыы, бырагыраамаларга киирсэн үлэлэһии;
  7. Искибиэрдэри, аныгы оҕо былаһааккаларын федеральнай, өрөспүүбүлүкэ  бырагыраамаларыгар киллэрэн тутууга үп-харчы көрүллэригэр үлэлэһии;
  8. Сайыҥҥы уу ситимин олоххо киллэриигэ үлэлэһии;
  9. Оптуобус сырыытын сааһылаан, чопчу сылдьалларын ситиһии;
  10. Бөх боппуруоһугар табыгастаах ньыманы булуу, ырааһы ситиһии;

Федеральнай уонна өрөспүүбүлүкэ бырагыраамаларыгар кыттан улуус сайдыытыгар үп-харчы киллэрэргэ үлэлэһии.

Нэһилиэкпит сайдарыгар, тупсарыгар туһаайыллар үлэҕэ көхтөөх көрүү, кыттыы – бу дьокутаат сүрүн тутула. Нэһилиэнньэ кыһалҕатын туруорсан үтүө түмүктэри ситиһии – бу сүрүн сорук.

Владимир Иванович 1972 с. сэтинньи 12 күнүгэр Сунтаар нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Кэргэннээх, үс оҕолоох.

Сунтаар 1 №-дээх оскуолатын бүтэрэн, аармыйаҕа сулууспалаан үлэтин төрөөбүт дойдутуттан саҕалаабыта. 1993 с. Сунтаар лесхоһугар оруобачайынан, ол кэннэ Сунтаар олохтоох дьаһалтатын нолуокка агенынан, «Татыйыына» хампаанньаҕа экспедиторынан, урбаанньытынан үлэлээбитэ. 2010-2013 сс. салайааччы быһыытынан үүнэн-сайдан ЖКС дириэктэринэн, 2013-2017 сс. «Проф-Строй» ХЭТ тутуу учаастагын салайааччытынан, 2016-2020 сс. «ФОРС» ХЭТ салайааччытын солбуйааччытынан үлэлээн кэлбитэ. 2020 сылтан «Дабанстрой» ХЭТ дириэктэрэ.

Үлэлиир кэмигэр төрөөбүт дойдутугар, улууһугар оҥорбута элбэх. Аҥардас тутуу эйгэтинэн кини үлэлээбит, салайбыт тэрилтэлэрин көмөлөрүнэн — Түбэй-Дьаархан кулууба, РТС уопсай дьиэлэрэ, Советскай уул. 2/1, Партизанскай уул. 34/2, 70 лет Октября 1 «Б» уонна 1 «В» уопсай дьиэлэрэ, 120 миэстэлээх Кириэстээх орто оскуолата, 240 миэстэлээх «Ньургуһун» уһуйаан тутуллубуттара. Маны таһынан Сааскылаахха «Алмаз», «Долган» ЭКЦ уонна  үс уопсай дьиэ  тутууларын үлэҕэ киллэрбиттэрэ.

 Дойдум дьонноох, онтон биирдэстэрэ мин, эн, биһиги! Бииргэ түмсэн, сүбэлэһэн, кэскиллээхтик үлэлээтэхпитинэ, Сунтаарбыт улууһун сайдыыта өссө туругуруо!

«Владимир Ивановиһы өйүүбүт!»

Читайте дальше