Сунтаар улууhун балаҕан ыйдааҕы бэлиэ күннэрэ

7 – Сунтаарга православнай таҥара дьиэтэ иккистээн аһыллыбыта 20 сыла (2003).
Төрүтэ: Сунтаар нэһилиэгэ. – 2006. – С. 83.
10 – Анна Ивановна Иванова төрөөбүтэ 90 сыла (Кировскай уобалас Великорецкое сэлиэнньэтэ, 1933-2019), норуот үөрэҕириитин туйгуна.
Төрүтэ: Книга педагогической славы Сунтарского улуса. – Якутск, 2010. – С. 87.
10 – Петр Михайлович Иванов төрөөбүтэ 85 сааhа (Сунтаар нэhилиэгэ, 1938), медицинскай наука дуоктара, бэрэпиэссэр, Саха АССР үтүөлээх бырааһа.
Төрүтэ: Профессора ЯГУ. Биогр. словарь-справочник. 1956 – 1999 гг. – Якутск, 2001. – С. 126-127.
13 (1) – Бүлүүчээнҥэ оскуола аһыллыбыта 120 сыла (1903).
Төрүтэ: Саха Ѳрөсп. Нац. архыыба. И-287 ф. 1 оп. 8 дь.
21 (9)– Сунтаар улууһа сурукка киирбитэ 222 сыла (1801).
Төрүтэ: Сунтаар сонуннара. – 2017. – Балаҕан ыйын 19 к.
25 – Светлана Максимовна Исаева төрөөбүтэ 75 сааhа (Чурапчы нэhилиэгэ, 1948), СѲ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СѲ култууратын туйгуна, Сунтаар нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо.
Төрүтэ: Культура земли Сунтарской в лицах и фактах : библиогр. справ. – Якутск, 2014. – С. 144-145.
25 – Анатолий Васильевич Григорьев төрөөбүтэ 55 сааhа (Бүлүүчээн нэhилиэгэ, 1968), “Сунтаар улууһа (оройуона)” муниципальнай оройуон баһылыга, СӨ физкультура уонна успуорт сайдыытыгар өҥөтүн иһин бэлиэ хабалыара, Аллыҥа, Бордоҥ, Бүлүүчээн нэһилиэктэрин Бочуоттаах олохтооҕо.
26 – Иван Гаврильевич Алексеев төрөөбүтэ 90 сыла (Хоро нэhилиэгэ, 1933-1995), Саха сирин суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, СӨ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ, Сунтаар улууһун Бочуоттаах олохтооҕо.
Төрүтэ: Писатели Якутии : биобиблиогр. справ. – Якутск, 2019. – С. 19.

Лидия ЧИРИКОВА, Аркадий ЯКОВЛЕВ.

Читайте дальше