Сунтаар улууһугар ойууру чөлүгэр түһэрэр үлэ барар

«Якутлесресурс” судаарыстыбаннай автономнай тэрилтэ Яков Яковлев салайааччылаах Сунтаардааҕы филиала ойуурга баһаартан куттал суох буоларын хааччыйарга, ойуур баһаарын умулларарга, ойуур хаһаайыстыбатын үлэлэрин ыытарга сүрүн оруолу уурар. Судаарыстыбаннай сорудах чэрчитинэн, улууспут сиригэр-уотугар саҥардар, харыстыыр, араҥаччылыыр сыаллаах үлэлэр сылын аайы былааннаахтык ыытыллаллар. Олортон биирдэстэрэ бу күһүҥҥэттэн тэрилтэ үлэһиттэрэ баһаар буолбут Устье нэһилиэгиттэн 10-12 км баар сири чөлүгэр түһэрэр үлэтин ыыта сылдьаллар. Бу манна 65 гаалаах сиргэ Свердловскай уобаластан кэлбит 130 тыһыынча бэс маһы олордо сылдьаллар. Сирин-уотун бэлэмнииргэ ыраастыырга, тэҥнииргэ ТЛ-4, бульдозер, УАЗ, МТЗ беларусь тиэхиньикэлэр үлэлээтилэр. Тэрилтэ үлэһиттэрэ күргүөмнээхтик үлэлээн кэлэр нэдиэлэҕэ үлэни үмүрүтэр былааннаахтар.

Алена ИВАНОВА

 

 

 

Читайте дальше