Сунтаар улууһугар икки сиргэ уоту умуруорууга үлэ барар

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрэринэн, суукка саҕаланыыта Саха сиригэр 159 ойуур баһаара уонна сиринэн баһаар бэлиэтэммит. 

Бу үлэҕэ 1827 киһи уонна 143 тиэхиньикэ үлэлииллэр. Авиация туһаныллар. Як-40 зондировщик-сөмөлүөт Саха сирин илин өттүгэр уонна Алдан оройуонугар үлэлиир. Саха сиригэр“Авиалесоохрана” ФБТ киирсэр үһүс зондировщик сөмөлүөт кэлэрэ күүтүллэр.

Оттон биһиги улууспутугар ойуур баһаарын туруга хайдаҕый?

Улуус дьаһалтатын ыксаллаах быһыыга хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Николай Александров иһитиннэрэринэн, бүгүн, бэс ыйын 15 күнүнээҕи туругунан Сунтаар улууһун территориятыгар икки ойуур баһаара (10-с уонна 12-с нүөмэрдээх) баара бэлиэтэнэр.

Ол курдук, 10-с нүөмэрдээх, Бордоҥ нэһилиэгиттэн 93,7 км сиргэ баар 269 гаа иэннээх ойуур баһаара олоччу төгүрүтүллэн, билигин аһаҕас уота суоҕа бэлиэтэнэр. Билигин манна уот ылбыт сирин хотугулуу-илин кырыыларыгар кэтэбил үлэлиир, күөдьүйүү баар түгэнигэр ситэри умуруоруу ыытыллар. Манна уопсайа 31 киһи үлэлиир. Сарсын, бэс ыйын 16 күнүгэр, бу баһаар бохсуллара (локализация) былааннанар.

Иккис баһаар – 12-с нүөмэрдээх, Кэмпэндээйи нэһилиэгиттэн 23,7 км тэйиччи сиргэ баар. Манна 17 киһи баһаары умуруорууга үлэлииллэр. Билиҥҥитэ баһаар илин уонна соҕуруу кырыыларыгар күрдьэҕинэн, РЛО-нан умуруоруу үлэтэ барар. Бу ойуур баһаарын умуруоруу соҕуруу өттүттэн арҕаа кырыыга диэри барыахтаах. Хотугулуу-арҕаа өттө Улахан Харыйалаах үрэҕэр тиийэн турар. Бүгүн бу баһаары умуруорарга эбии 5 киһи, ону кытта МТЛБ тиэхиньикэ көмөҕө барбыт.

«Сунтаар сонуннара» хаһыат.

Читайте дальше