Хороҕор муостааҕы, сыспай сиэллээҕи кэлэр кыстыгы этэҥҥэ туоратан туһуттан күөх дуол үүнүүтүн сомсо билигин да дьон ходуһаттан тахса илик. Ол курдук, улуус үрдүнэн 266 отчут от бэлэмигэр сылдьар. Ону сэргэ ходуһаҕа от охсон, мунньан, кээһэн 110 тиэхиньикэ тыаһа бирилэс.
Былырыын улуус бу күҥҥэ 31076 туонна оттоох эбит буоллаҕына, быйыл, 29525,6 туонна буолбут. От сезонун кэмигэр бэриллибит былаан (34000) күн-дьыл туран биэрдэр эрэ бу хаалбыт аҕыйах кэмҥэ туолуох курдук. Охсуллубутунан ходуһаҕа 28410 т от сытар.
Биэс нэһилиэк окко былааннарын толорбуттар. Ол курдук, Аллыҥа 1150 т былааннаах буоллаҕына, билигин 1518 туонна оту бэлэмнээн олорор. Бүлүүчээн нэһилиэгин отчуттара былааннарын куоһаран 710 т оттоммуттар. 700 т сорудахтаахтарын 101,43 бырыһыан толорбуттар. Дьаархан нэһилиэгэ былаанын 102,6 бырыһыан толорбут, оттон былааннара – 1700 т. Маар Күөл хоһуун дьоно кэлэр кыстыгы этэҥҥэ туоруур отторун эмиэ булунан олороллор. Ол курдук, 1600 т оту бэлэмнээн, былааннара 106,7 бырыһыан буолбут. Түбэйдэр 649 туонна от чөкөппүттэр, онон былааннарын 108,17 бырыһыан толорбуттар.
Былааны толорууга чугаһаппыт нэһилиэк эмиэ элбэх. Ол эрээри бэриллибит былааннарын аҥаарын эрэ булуммуттар эмиэ бааллар. Бу күннэргэ охсуллубут отторун мунньан чөкөттөхтөрүнэ, кинилэр да көрдөрүүлэрэ тупсуоҕа.
Билигин хаһаайыстыбаларга хомуур үлэтин үгэнэ. Улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетын туһааннаах үлэһиттэрэ иһитиннэрбитттэринэн, 3311,99 туонна сиилэс угуллубут.
Яина ВЛАСЬЕВА