Сунтаар сэлиэнньэтигэр «саха Гурченкота» дэтэр кимий?

Наһаа мааны, сиртэн-буортан тэйбит, чүмэчи курдук көбүс-көнө Валерия Егорованы үгүс киһи көрөн билэр буолуохтаах. Мин бастаан дьахтар эриттэн биир төбө үрдүгүн наһаа сөҕө көрбүтүм. Урукку сэбиэскэй саҕаттан тоҕо эрэ эр киһи дьахтартан үрдүк буолуохтаах диэн суруллубатах сокуон баар этэ. 30 саастаах Уйбаан уол 20 саастаах Валерия кыыһы куоратынан-тыанан сырса сылдьан кэргэн ылбыт. Бастаан холбоһоллоругар уҥуохтарынан тэбис-тэҥнэр эбит. Онтон кыыс дьахтар буолан ситэн-хотон, үчүгэй олохтон олох уһулу ойон тахсыбыт. Оннооҕор күлэн: «Мин урут төбөм баар этэ дуо?», — диэн дьээбэлэнэр эбит. Онон кыргыттар уһун эрэ уолаттары көрдөөмөҥ, уолаттар уһун кыыс диэн толлумаҥ. Ырыаҕа ылланарыныы «уһун кыыһы ойон тахсан ууруохха, кыра уолу кыбына сылдьан сыллыахха» олус сөп эбит.

Макаровна 4 уол ийэтэ, элбэх сиэн эбэтэ, ону ааһан 2 сиэн хос эбэтэ. Бу 4 уолтан биир уола тыла суох буолан хотунан-соҕуруунан эмтэтэ сатаан баран, Москва быраастарын сүбэтин ылынан, оҕото 4 сааһыттан, оҕотун инникитин санаан, Дьокуускайга анал оскуолаҕа үөрэттэрэ биэрбитэ. Бастаан утаа оскуолаҕа хаалларарыттан икки өттүттэн ытаһан-ахтыһан айманыы бөҕө буолаллара. Кэлин үөрэнэн, уола элбэх табаарыстанан каникулугар да сороҕор кэлбэт буолбут.  Оҕотун инникитин санаан сүрэҕиттэн арааран туран үөрэттэрбитэ,  бу Ийэ тапталын күүстээх көстүүтэ дии саныыбын. Уол оҕону иитиигэ Валерия Макаровна туспа көрүүлэрдээх. Дьиэҕэ аҕаларыттан саҕалаан дьахтар, эр киһи үлэтэ диэн араарбат буоланнар, уолаттара дьиэ үлэтигэр наһаа сыстаҕастар, кэргэттэрэ балыыһаҕа да киирдэҕинэ кирдээх иһиккэ, дьиэҕэ баттатан олорботтор. Былыр кыыс оҕо этэрбэһин быатын хайдах баанарыттан хайдах дьиэлээх-уоттаах хотун буолуохтааҕын сыана быһаллар эбит. Макаровна уолаттарыгар кыыс атаҕын таҥаһын көрүҥ, ыраас атах таҥастаах кыыс чэнчис буолар диэн сүбэлиир эбит. Маны эдэр кыргыттар, уолаттар, төрөппүттэр эмиэ бэлиэҕэ ылыҥ. Валерия бэйэтэ этэринии оҕо төһө да «туман-имэн» курдук сууйбутун-соппутун иһин, көрөн турдаҕына иккистээн хос сууйумаҥ диир, оччоҕо ийэм син биир хоһулуур диэн сууйбат, көмөлөспөт буолар эбит диэн чоппуускаларыттан үөрэммит тус холобуруттан сүбэлиир.

Валерия Макаровна ырыынак дьалхааннаах кэмэ ыган кэлбитигэр, сытыы өйдөөх, түргэн туттунуулаах буолан олорон биэрбэтэх, Сунтаар биир бастакы урбаанньыта. 1 нүөмэрдээх ырыынакка 10-ча сыл атыыһыттаабыта. Бу манна дьиҥнээх тулуурдаах, дьулуурдаах эрэ буолан тулуйбутум диэн урукку ыарахан кэмнэри санаан ааста. Эйэҕэс-сайаҕас, кэпсэтинньэҥ буолан элбэх атыылаһааччылааҕа, «тоҕо эрэ бары ити дьахтартан атыылаһаллар» диэн ордук санааччылар да баар эбиттэр.

Валерия Макаровна 45 сааһыгар, өр сыл олох-дьаһах өҥөтүн оҥорор кэмбинээккэ үлэлээн, «Отличник бытового обслуживания» буолан сынньалаҥҥа барбыта. Ол саҕана кэмбинээт 150-ча үлэһиттэнэн тиҥинээн-таҥынаан олорбутун сөҕө иһиттим.  Араас тыаларынан кэрийэн сакаас ылаллар, муода көрдөрөллөр эбит. Онно биһиги киһибит бастыҥ модель буолара саарбаҕа суох. Бүлүүтээҕи учууталлары бэлэмниир кыһаҕа үөрэнэ сылдьан ыалдьан, дьиэтин ахтан бырахпыт, иистэнньэҥмэр эмиэ анал үөрэҕэ суох үөрэнээччинэн киирэн баран салгыы сайдыбытым диир. Онон киһи төһө да анал үөрэҕэ суоҕун иһин үлэһит, дьулуурдаах, кыһамньылаах буоллаҕына олоҕу үчүгэйдик олоруон сөп диэбитин сэргии иһиттим.

Эбэтэ 101 сааһыгар тиийбит, көбүс-көнө уҥуох сула эбит. Ийэтэ эн быһыыгынан-таһааҕынан эбэҕин баппыккын диирэ үһү. Эбэтэ түүлээххэ батан иистэммит буоллаҕына, сиэнэ таҥаһы тигэр. Бу идэтэ таҥас-сап кырыымчык бириэмэтигэр таҥнарыгар-симэнэригэр, оҕолорун таҥыннарарыгар улаханнык көмөлөспүт.

Билигин даҕаны Валерия Макаровна сэлиэнньэ олоҕуттан туора турбат. Тугу кыайарынан-сатыырынан иэдээҥҥэ түбэспит, кыаммат, анал байыаннай дьайыыга сылдьар дьоҥҥо куруук көмөлөһөр. Сунтаар киинигэр ускул-тэскил сылдьар дьоҥҥо анаан ас астаан илдьэр аһыныгас сүрэхтээх. Киһиэхэ куһаҕаны оҥорор хаһан баҕарар сэттээх-сэмэлээх, бэйэҕиттэн буолбатаҕына бэдэргиттэн ситиэ диэн эдэр дьоҥҥо сүбэлиир. Билигин ып-ыраас, чөкө дьиэтигэр олорон мозаика таҥар,  быысапкалыыр, кыбытыгынан араас харысхаллары тигэн бэлэхтиир.  «Киэһэ 6 чаас кэннэ аһаабаппыт, эбиэккэ эбэһээт эт сиибит, табахтаабаппыт, арыгы испэппит, ол иһин тапталлаах Уйбааммынаан 56 сыл королева олоҕор олоробун» диэн Уйбаанын диэки сылаастык-сымнаҕастык көрө-көрө кэпсиир.

Көстөр кэрэ көрүҥҥүнэн, таҥара табатын курдук талбатык таҥнан-симэнэн Валерия Макаровна өссө да уһун сылларга сир үрдүн киэргэтэ сырыт.

Зинаида ФЕДОТОВА-Дьол Кыыма

Читайте дальше